Page 46 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 46

Ааҕыы, сэһэргэһии

    Кэрэни, үүнүүнү, сайдыыны, сыыһа суох сырдыгы, кыырпаҕа
суох ырааһы кими, тугу кытта ситимниибит? Олоҕу киэргэтэр
улуу күүс, тулалаан турар эйгэбит кэрэ туонатыгар дьүөрэ-
лээх, норуот үйэлэргэ үҥэр таҥара оҥостубут, алаһа дьиэни
иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр кырасыабай кыыс оҕо —
Өксөкүлээх Өлөксөй поэзиятын кыаҕа, өлбөт-сүппэт тыыннаах
уобараһа.

                        Кырасыабай кыыс

                                 (Кылгатыллыбыта)

                         Алайаана лаглардыырбын
                         Алтан-чуораан айахпынан
                         Айааран аҕыннахпына,
                         Амньыраабыт санаам аральльыйар;
                         Күөкэрдиирэ күлүмүрдүүрбүн
                         Көмүс күөҕү күөмэйбинэн
                         Күр-мар туойдахпына,
                         Күлькэдийбит санаам көччүйэр;
                         Сандаарыйа алардыырбын
                         Салгын ырыабынан
                         Салайан саҥардахпына,
                         Саппаҕырбыт санаам саатыыр.
                         Илин өттүгэр киирэн
                         Икки даҕаны чааска
                         Илии сыҕарыйбакка
                         Истиҥнээн көрбүтүм иһин
                         Эттиин-хаанныын бэйэтиттэн
                         Итэҕэһи-эҥкили булбаппын
                         Эйэҕэстэй ньэҥкэрдиирбиттэн.
                         Ойоҕос өттүгэр олорон
                         Уон даҕаны чааска
                         Уллуҥах уларыйбакка
                         Одуулаабытым иннигэр
                         Уҥуохтуун бэйэтиттэн
                         Уйулу-омнуону булбаппын
                         Уранныыра куллустуурбуттан.
                         Арҕас өттүгэр киирэн

  46
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51