Page 36 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 36
МЭҤЭ ТААСКА СУРУКТАР
VI—VIII үйэлэр саҕанааҕы былыргы түүр омуктар тааска ойо
быһан оҥорбут руническай суруктара XIX—XX үйэлэр ыпсыы-
ларыгар көстүбүтэ. Олортон Күл Тегин уонна Тоньухух мэҥэ
таастара ордук киэҥник биллэллэр. Ити суруктарга түүр омук
хайдах курдук эрэйдээхтик олорон баран, кэлин түмүллэн, мо-
дун күүстээх судаарыстыбаны — Или төрүттээбитин туһунан
кэпсэнэр. Биһиги түҥ былыргы өбүгэлэрбит, түүрдэр, мэҥэ
тааска суруктарын билиҥҥи түүр тыллаах омуктар бары төрүт
суруктарынан билинэллэр. Киһи дьылҕата суруллар аҕыс кы-
рыылаах дьэҥкир таас остуолбаларын туһунан олоҥхоҕо эмиэ
ахтыллар. Сахалар былыргы сэһэннэригэр өбүгэлэрбит су-
руктаах этилэр диэн кэпсээн баар. Үһүйээҥҥэ ахтылларынан,
уунан устан иһэннэр, суруктаах хаптаһыннарын ууга түһэрэн
кэбиспиттэр. Ити курдук уобарастаан, бука, суругу-бичиги би-
лээччи дьон аҕыйаан испиттэрин туһунан эппит буолуохтарын
эмиэ сөп. Кытаанах тымныы кыһыннаах билиҥҥи дойдулары-
гар тыыннаах хаалар мөккүөрүгэр, суруктарын умнумаары, таас
хайаларга ойуулаан хаалларбыттар диэн чинчийээччилэр бэ-
лиэтииллэр.
Күл Тэгин мэҥэ тааһын улахан суругуттан
быһа тардыы
(I, XXVI—XXIX кэрчиктэр)
I
Үзэ көк тэҥри
Асра йаҕыз йир хылынтухда
Экин ара киси оҕлы хылынмыс
Киси оҕлынта Үзэ эчүм апам.
Бумын хаҕан Истэми хаҕан олурмыш
Олурыпан түрк будуныҥ илин төрүсин
Тута бирмис ити бирмис.
36