Page 31 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 31

Унаарытта Эбэ Хотуну
Оттомноох хараҕынан
Одуулаан көрөн турдаҕына:
Хаамыылаах аты
Харытынан хатыллар
Хампа ньаарсын оттоох эбит,
Сэлиик аты ньилбэгинэн эриллэр
Сирэм күөх оттоох эбит,
Дьоруо аты
Тобугунан охсуллар
Локуора күөх оттоох эбит,
Сарапааннаах нуучча кыргыттара
Сабаанайдаһан киирэн эрэллэрин курдук,
Сатыы ыарҕа мастардаах эбит,
Хампа-түрбэ таҥастарын таҥныбыт
Хатын дьахталлар
Хаҥкыр-хаҥкыр кэпсэтэ-кэпсэтэ,
Хаамсан ханалдьыһан иһэллэрин курдук,
Хатыҥ мастардаах эбит,
Тойот-түһүмэт дьон
Дорҕоон кэпсэтиини тобула туралларын курдук,
Тойон лоҥкур тииттэрдээх эбит,
Сэттэ уоннарын туолбут
Симэхсин эмээхситтэр
Сиэлэн сэгэйэн иһэллэрин курдук,
Сиһик үөт мастардаах эбит,
Туут хайыһардарын анньыммыт
Тоҥус оҕонньотторо
Туораахтаһан киирэн иһэллэрин курдук,
Тоҥ харыйа мастардаах эбит,
Оһуор-ойуу таҥастаах
Уончалаах оҕолор мустан
Оонньуу-көрүлүү туралларын курдук,
Лоскуй ойуурдардаах эбит;
Бараммат бараах диэн
Манна сыбыытаабыт,
Быстыбат былдьырыыт диэн
Манна быыгынаабыт,
Кэрээбэт кэҕэ диэн
Манна кэпсээбит,
Өрөөбөт өтөн диэн
Манна үөппүт...

                                                                                                       31
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36