Page 27 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 27

түмүллэр. Ол да иһин Былатыан Ойуунускайтан саҕалаан «Улуу
Олоҥхо» диэн этиэхтэрин этэллэр.

    Эһиги кыра кылаастан саҕалаан, олоҥхо диэн улуу бухатыыр-
дар мүччүргэннээх сырыыларын кэпсиир норуот айымньыта
буоларын өйдөөтүгүт, хас да олоҥхону үөрэттигит, толоруу
сүрүн уратыларын эмиэ биллигит. Аны бу ылбыт билиигитин ха-
ҥатар, олоҥхо ис эйгэтигэр киирэн, бэйэҕитин эргиччи сайын-
нарар суолга үктэнэҕит. Олоҥхо тылын ис номоҕун ырыттах-
хытына, саҥаттан саҥа билиилэр кэлэн иһиэхтэрэ, оттон анаан
чинчийэн эбэтэр олоҥхонон сирдэтинэн, айар-тутар суолу ту-
тустаххытына, бараммат баайга тиксибит саҕа сананыаххыт.

    Быйыл үөрэтэр олоҥхолорбут ураты ис хоһоонноохтор. Сү-
рүн дьоруойдара кыыс бухатыырдаах олоҥхолор ойуччу миэс-
тэҕэ тураллар. Н.П. Бурнашёв «Кыыс Дэбилийэ», П.П. Ядрихин-
скай «Дьырыбына Дьырылыатта», И.Г. Тимофеев—Теплоухов
«Кулун Куллустуур» олоҥхолоругар саамай күүстээх бухатыыр-
дар кыргыттар буолаллар. Холобур, «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхо-
ҕо Кыыс Дэбилийэттэн ордук күүстээх суох. Олоҥхо ис хоһоо-
но эмиэ уратылаах. Сарахана Күүкэнньик диэн ааттаах абааһы
дьахтара үс дойдуттан саҥа төрөөбүт оҕолору уоран ылан,
бэйэтин куһаҕан тыынын эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэн, Орто
дойдуну урусхаллатар, үлүгэр бөҕөнү оҥорторор. Айыы киһитэ
Чугдаан Бухатыыр, охсуһа сатаан баран кыайбакка, көмөҕө улуу
бухатыыр Кыыс Дэбилийэни ыҥыртарар. Кини Аан Ахталыйа
диэн эмиэ бухатыыр балыстаах эбит. Үһүө буолан көмөлөөн,
Аллараа дойду абааһыларын хотоллор, Сарахана ииппит икки
бухатыырын, Үөһээ уонна Орто дойду оҕолорун, киртэн-дьай-
тан ыраастаан, дьонноругар төнүннэрэллэр.

    Оттон Дьырыбына Дьырылыатта бииргэ төрөөбүт убайын,
Тойон Дьөллүүт бухатыыры, Орто дойдуттан уйуһуппут илиэ-
һэй бэрдин Тимир Чохчордоон бухатыыры кытта охсуһуутун
манна киирбит кэрчиккэ үөрэтиэххит.

    «Кулун Куллустуур» олоҥхоҕо Күн Толомон Ньургустай эмиэ,
барыларыттан күүстээх бухатыыр дьахтар буолан, өр кэмҥэ
үөһээ айыылар ыйаахтарын толорбокко сылдьара көстөр.

    Былыргы үйэлэргэ сэриинэн дьарыгырар дьахталлар биис-
тэрэ — амазонкалар тустарынан устуоруйа уруогуттан билэҕит.
Сэрииһит дьахталлар биистэрэ Сибииргэ эмиэ олоро сылдьы-
быттара ахтыллар. Оччотугар кыыс бухатыырдаах олоҥхолор
бэрт ыраахтан силистээх-мутуктаах буолан тахсаллар. Оттон
саха мындыр өйө-санаата туох диирий? Олоҥхону ааҕыахха.

                                                                                                                                      27
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32