Page 24 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 24
Дьадаҥы ыал
Аҕыс былас оту астаммыттарын
Хайыы үйэҕэ хардырҕаччы ыстаан,
Бараан кээспит.
Дулҕа сиэлин кырган,
Тоҕус булас оту булбуттарын
Бу күтүрүм хайыы үйэҕэ,
Күллүргэччи ыстаан бүтэрэн кээспит.
Кылгастык эттэххэ,
Кыһалҕа гиэнин
Кытаанаҕын тэрийбит.
Тылбытын байытабыт
Алтынньы ый аҕыс эргэтэ — алтынньы ый бүтэрэ аҕыс хонук хаалбыт.
Аба-дыбыр дьыл — күүстээх тымныы кэмэ.
Ыыс туман — хойуу туман.
Көтөллөнөн — манна суолтата: таһаҕастанан.
Хайырбыт ойбон — уолан хаалбыт ойбон.
Аас-майах аргыстаах — аччыктааһын аргыстаах.
Чаан туман — куһаҕан сыттаах туман.
Дьаҥ-дьаһыах таһаҕастаах — ыарыы, кыһалҕа аргыстаах.
Өйдөө, болҕой
Аһаҕас дорҕоон дьүөрэ туттуллуута ассонанс диэн ааттанар.
Эпитет — уус-уран быһаарар тыллар. Холобур: Үрдүк мэҥэ хал-
лаан, Орто туруу дойду.
Аллегория — уус-уран айымньыга тэгили өйдөбүлү уобарас кө-
мөтүнэн ханарытан, таайтаран этии. Холобур: И.А. Крылов «Волк на
псарне» үгэтигэр бөрөнөн Россияҕа сэриинэн киирбит Франция им-
пэрээтэрэ Наполеон хотторуутун көрдөрбүтэ диэн сэрэйиллэр.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Мифкэ аллитерацияны бэлиэтии көрдүгүт дуо? Холобур:
Хаардаах-муустаах
Хайа хаспаҕыттан
Хара күлүк оҕус
Хамнаан кэлбитэ…
24