Page 21 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 21

5. Ырыаҕа юмор көстөр дуо? Мэтириэттэри өссө төгүл ааҕан
        көрүҥ:
                         Толунньаҥ курдук сирэйдээх,
                         Тобук курдук сүүстээх,
                         Туораллыбыт быһыылаах
                         Торбос сонноох
                         Тулаайах кыыһы…

    6. Айымньы тутулун композиция диэн ааттанар, ону исхиэмэ
        оҥорон ойуулааҥ.

Анаан дьүүллэһии

    1. Бастаан утаа мааныга, далбарга сылдьыбыт үүт-сүөгэй иһи-
        тэ эргэрэн, бөх чабычаҕар кубулуйуор диэри төһө кэм ааспы-
        та буолуой? Устуоруйа ханнык кэрдиис кэмигэр туос иһит
        хото туттуллар этэй?

    2. Чабычах туһунан ырыа тоҕо айыллыбыта буолуой? Киһи
        дьылҕатыгар дьүөрэлии саныахха сөп дуо?

    3. Чабычах түптэ буруота буолан көтүүтүн саҕана эппит тыл-
        ларын суолтата тугуй?

                                                   АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    1. Норуот ырыатын сүрүн түһүмэхтэрин үллэстэн уруһуйдааҥ,
        ойуугут сүрүн санаатын айымньы тылын туһанан кэпсээҥ.

    2. «Олох бүппэт эргиирэ» диэн тиэмэҕэ өйтөн суруйуҥ.

Уруок кэнниттэн

    Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ баар туос иһит арааһын туһунан тө-
рөппүттэргитин кытта видеосюжетта бэлэмнээҥ, кылааска көр-
дөрүҥ.

                                           МИФ

    Миф норуот эрдэтээҥҥи өйүн-санаатын көстүүтэ буолар.
Онон тылынан уус-уран айымньы буолбакка, тулалыыр эйгэ,
олох-дьаһах туһунан норуот анааран көрүүтүн кэлэр көлүөнэҕэ
тиэрдэр номохторо ааттанар. Сир-халлаан тутула, ол хайдах

                                                                                                                                      21
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26