Page 16 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 16

Толкуйдаан көрө олордум.
                       Эр киһи эттэ:
                       «Дьэ, хоонньоһо сытар
                       Холоонноох хотун ойоҕум,
                       Үүт олохсутар
                       Өҥ туоһун киллэрдим,
                       Үтүө иһиттэ тик.
                       Араҕас илгэни астытар
                       Арыы саһыл туоһу киллэрдим,
                       Ас астыыр
                       Анал иһиттэ тик!»
                       Дьахтар эттэ:
                       «Дьэ, туһааннаах тойон
                       Доҕорчукай эрим,
                       Үрүҥ толоҕу үксэтэр
                       Өҥ туос көстүбүт».
                       Инньэ диэт, үөрэн-көтөн,
                       Дьахтар киһи,
                       Соҕуруу дойду
                       Собуотун ууһа оҥорбут
                       Сундуллубут кыптыый сототунан
                       Таҥастаан намылдьытта,
                       Саралаан сайбалдьытта,
                       Онтон,
                       Ойоҕос быһан уураттаата,
                       Холлоҕос быһан хомуйбахтаата,
                       Уллуҥ быһан оломноото,
                       Чамчаһын быһан намылдьытта.
                       Онтон ойон турда да,
                       Холоҥсолоох хотонугар
                       Ходьойон-идьэйэн киирэн,
                       Ханаҕаркаан муостаах
                       Харакалыыр ынаҕын
                       Арҕаһын түүтүн
                       Арыйыта тыытан
                       Үргээмэхтээн таҕыста…
                       Соҕуруу дойдуга оҥоһуллубут
                       Сууйуллаҕас ыстаал иннэтин
                       Сулбу тардан ылла;
                       Ньуоскалааҕын иҥиирин
                       Туймуулаата;
                       Бүргэстээн бүрдүргэттэ,

16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21