Page 13 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 13

Өйдөө, болҕой

    Аллитерация — норуот поэзиятын ньымата: устуруока иннинээ-
ҕи бүтэй дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ. Холобур: Кырааскалаах атах-
таах, Кырыылардаах тумустаах, Кыталыктыыр кыылларым...

    Ассонанс — норуот поэзиятыгар ahaҕac дорҕооннор дьүөрэлэ-
һиилэрэ. Холобур: Үрүмэтийбэт үүт көлүйэ күөллээх, Үүс-киис ти-
риитэ өллүргэлээх...

    Тэҥнээһин — уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма: биридимиэт
(көстүү, эттик) атын биридимиэккэ майгыннаһар бэлиэтинэн дьүөрэлээн
этии. Холобур: Эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах...

    Тыыннааҕымсытыы — уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма: айыл-
ҕа көстүүтүгэр, ханнык баҕарар эттиккэ тыынар тыыннаах дьайыыла-
рын ханыылыы тутан этии. Холобур: Халдьаайыларга хатыҥнар са-
йыннарын түһүүллэр...

    Төхтүрүйэн этии — норуот поэзиятын сүрүн ньымата: уус-уран
хоһуйууну сонун өттүттэн көрөн, түһүмэхтээн этии. Холобур: Кэтэх
өттүттэн киһиргэс санаата киирдэ, Ойоҕос өттүттэн уордаах санаата
киирдэ ...

                                                                     ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

    Айымньыга ымпыктаан-чымпыктаан ойуулааһын, уус-уран
сиһилээһин туттуллуутун ырытыҥ. Тойук тута хоһуйуу ньыматы-
нан суруллубут дуо, дакаастааҥ.

    Эһиги олорор сиргититтэн төрүттээх тойуксут, ырыаһыт дьону
булан үөрэтэргитигэр, айымньыларын билсэргитигэр сүбэлиибит.
Түмүгүн дакылаат оҥорон, «Кэскилгэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ
кыттыаххытын сөп.

          Тыыннаах тыл

    С.А. Зверев туһунан уола Д.С. Зверев суруйбут кинигэтин булан
аахтаххытына, кинини саха норуотун уһулуччулаах тойуксута диэн
тоҕо ааттыылларын билиэххит. Норуот ырыаһытын уустук дьылҕатын
туһунан өйдөбүлгүт кэҥиэ.

                                                                                                                                      13
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18