Page 8 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 8

Кыларыйбат ыстаал кынаттаах,
                  Оҕуруктаах куйаар кутуруктаах,
                  Оботтоох чупчурҕан тумустаах,
                  Күлүбүрээбит өҥнөөх
                  Көтөр өксөкү көлөлөнөн,
                  Күбэй буор көхсүттэн,
                  Көй салгыҥҥа
                  Көтөҕүллэн күөрэйэн таҕыстым.

                  Онуоха буоллаҕына
                  Улуу дьаалы,
                  Сарыал чаҕыл халлаан
                  Сандаарар арҕаһын дабайан,
                  Сааллар чаҕылҕаны кытта
                  Сатарыы алтыһан барда;
                  Сүллэр этиҥи кытта
                  Дьүөрэлэһэн лүһүгүрээн,
                  Күөрэйэр үрүҥ күн аннынан
                  Күүгүнүү, күйгүөрэ көттө;
                  Күөх күдэрик былыттары
                  Быһыта силэйтэлээн,
                  Сындыыстыы сыыйыллан истэ,
                  Аан ийэ дойдум барахсан,
                  Атыыр анды дабыдалын тордуутун
                  Арыйа туппут курдук,
                  Ала булкунунан айманан хаалла;
                  Сир ийэ дойдум барахсан,
                  Сиэрэй тииҥ тиҥилэҕин чэчэтин
                  Тиэрэ туппут курдук,
                  Дьиримнии элэҥнээн көһүннэ;
                  Алаастарбыт күөллэрэ,
                  Атыыр арылыас аламай уу хараҕын
                  Арыйа тарпыт курдук,
                  Арылыһа чаҕылыһан хааллылар,
                  Үрэхтэрим, өрүстэрим,
                  Үс үөстээх өркөн өтүүнү
                  Субуйа бырахпыт курдук,
                  Суһумнаһан хааллылар.
                  Улуу дьаалы
                  Улахан уобаластарга
                  Уталыйбакка дьулуруйар эбит,
                  Күөх Сибиир көхсүн

8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13