Page 6 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 6

ньытын үөрэтэр, билэр соруктаахпыт, норуоппут айымньытын
бары көрүҥүн үүнэрбитигэр-сайдарбытыгар тирэх оҥостобут.

                              ÍÎÐÓÎÒ ÛÐÛÀËÀÐÀ

    Саха — ырыа куттаах омук. Кини олоҕун ханнык да түгэн-
нэрэ ырыата суох ааспаттар: олох-дьаһах тэрээһинэ, айылҕа
көстүүлэрэ, булт-алт, үлэ-хамнас этэҥҥэ баран иһиитэ, үгэһи,
итэҕэли тутуһуу, сиргэ-дойдуга ытыктабыл, таптал иэйиитэ,
кэргэн-уруу буолуу, бэл, хомолто, кутурҕан – барыта ырыанан
кэпсэнэн, үөрүүнү-көтүүнү үрдэтиэн, биитэр хомолтону аһа-
ран, дууһаны чэпчэтиэн сөп. Ырыа тута хоһуйуу – импровиза-
ция — ньыматынан айыллар.

    Норуот ырыаларын сиэр-туом тойуктара уонна норуот ырыа-
лара диэн наардыыллар. Толоруллар уратыларынан көрөн, «дьиэ-
буо» диэнтэн саҕаланар дьиэрэйии матыыптаах ырыалар-тойук-
тар уонна сэргэх тэтимнээх дэгэрэҥ ырыалар диэн икки ула-
хан бөлөххө араараллар.

         СЕРГЕЙ АФАНАСЬЕВИЧ ЗВЕРЕВ—КЫЫЛ УОЛА
                                      (1900—1973)

                                          Сунтаар улууһугар Түбэй нэһилиэ-
                                     гэр төрөөбүтэ.

                                          Саха ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн бэрт
                                     эдэр сааһыттан үөрэппитэ.

                                          Элбэх чулуу айымньылары суруйбута.
                                          Улуу оһуокайдьыт, тойуксут, үҥкүү-
                                     һүт, артыыс, ырыа-үҥкүү ансаамбылын
                                     тэрийээччи быһыытынан киэҥник бил-
                                     либитэ.
                                          РСФСР уонна САССР ускуустубала-
                                     рын үтүөлээх деятелэ.

   6
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11