Page 7 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 7
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
С.А. Зверев «Улуу Москуба туһунан тойук» айымньытын 1947 сыл-
лаахха суруйубута. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҥардыы бүппүт
кэмэ этэ. Ийэ дойдубут киин куората — Москуба төрүттэммитэ 800
сылын туолар үөрүүлээх үбүлүөйүгэр Саха сирин олохтоохторун аат-
тарыттан барар дэлэгээссийэҕэ киирэн, норуот уһулуччулаах ырыа-
һыта Сергей Зверев Москубаны көрбүт үөрүүтүн, кыра омуктарга са-
ҥа дьоллоох олох кэлбитин туһунан хоһуйбута.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Устуоруйаттан биллэринэн, Москуба куораты ким төрүттээ-
битэй?
2. Москуба ханнык дойду киин куоратай?
3. Нэһилиэнньэтин ахсаана төһөнүй?
4. Мөлүйүөнүнэн ахсааннаах сүүһүнэн омук олорор куораты-
гар С.А. Зверев тойугун хайҕаан, бырааһынньык кэмигэр
«Киэһээҥҥи Москва» хаһыакка таһаарбыттар. Айымньыны
ааҕар кэмҥитигэр тоҕо хайҕаабыттарын толкуйдаан көрүҥ.
Ааҕыы, ырытыы
Улуу Москуба туһунан тойук
(Кылгатыллыбыта)
Ыркый иһигэр
Ырыа чыычаах кэриэтэ
Ырыалаах сурахпар,
Улуу Москубаҕа
Уһаарыллан тиийэҥҥин
Уус тылгынан уруйда тут,
Көтөн бараҥҥын,
Көргүн көрдөр диэн,
Көмүс сурук
Көрдүөн тиийэн
Көтөҕүллэ түспүтүгэр, —
Тостубат укулаат тимир долуолаах,
7