Page 4 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 4
пит суолун кэпсииллэр, ол курдук бастаан ырыалар-тойуктар,
мифтэр, бастакы суруйааччылар айымньылара, кэлиҥҥи кэм-
нээҕи суруйуулар диэн араарыллан, утум-ситим таҥыллан оҥо-
һулуннулар. Оччоҕо сыл түмүгэр сахалыы тылынан литература
сайдыытын туһунан биир кэлим өйдөбүл олоҕуруох тустаах.
Аахпыт айымньыларгытын таба өйдүүргүтүгэр, ырытаргытыгар
учууталларгыт, доҕотторгут, төрөппүттэргит көмөлөрүн өрүү
өйдүү сылдьыаххыт диэн эрэнэбит.
Быһаарсыы, хардарыта дьайсыы, өй-санаа үллэстии, тургу-
туһуу үтүө түгэнэ үүннэ!
Ааптардар