Page 5 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 5

Норуот өркөн өйө, ытык тыла

    Норуот тылынан уус-уран айымньыта болкулуор (фоль-
клор) диэн ааттанар. Болкулуор туһунан «норуот муудараһа»
диэн аангылыйа омук тылыгар мээнэҕэ этиллибэтэх. Бу үтүмэн
үйэлэр күөннэригэр иитийэхтэнэн үөскээбит өй-санаа сүмэтэ,
норуокка баар талаан, дьоҕур туоһута буолар. Норуот тылынан
уус-уран айымньытын хас биирдии көрүҥэ ураты толкуйтан
тахсыбыт, ис хоһоон уонна уус-уран дьүһүйэр тыл хатыламмат
көстүүтэ буолар.

    Алыптаах-дьиктилээх остуоруйалар, өйү сытыылыыр таай-
тарыылаах таабырыннар, тылы имитэр, саҥаны эрчийэр чаҕаан
чабырҕахтар, олох муударастарыгар иитэр дьүөрэ этиилээх өс
хоһоонноро, сиэри-туому түстүүр алгыстар, былыргы дьыллар
быыстарын сэгэтэр умсугутуулаах сэһэннэр, сүргэни көтөҕөр
оһуокайдар, ыллам ырыалар, улуу бухатыырдар тустарынан
олоҥхолор — барылара киһиэхэ тус-туһунан дьайыылаахтар,
кэрээбэт кэрэхсэбили тардар күүстээхтэр.

    Норуот тылынан уус-уран баайын сыаналыы, ис номоҕун
ырыҥалыы үөрэнии киһиэхэ ийэ тылын барҕа баайын арыйар
кыаҕы биэрэр, айар тыл абылаҥнаах аартыгар сирдиир. Тыла
сайдыбыт киһи толкуйа тобуллаҕас, саҥата ылыннарыылаах
буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар, «бэрт тыллаах-өстөөх ки-
һи» диэн хайҕалга сылдьар. Үчүгэй ырыаһыт-тойуксут, удьуор
олоҥхоһут, сээркээн сэһэнньит дьон этэн-тыынан, ыллаан-туо-
йан кэбиспиттэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, умнуллу-
бакка, уос номоҕор киирэр.

    Уус-уран литература, тыйаатыр, опера, ойуулуур-дьүһүннүүр
ускуустуба, норуот үгэстэрэ уо.д.а. духуобунай эйгэ көрүҥнэрэ
бары болкулуортан силис тардан үөскээбиттэр. Ол да иһин би-
һиги, саха дьоно, бэрт кыра сааспытыттан норуоппут айым-

                                                                                                                                       5
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10