Page 9 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 9
Күөс быстыҥа эрэ
Күпсүйэн бүтэрэр эбит;
Аасыйа сиригэр аһаан аастыбыт,
Дьобуруопа дойдутугар хонон бардыбыт.
Улуу дьаалы,
Умса дьулуһуйан,
Тиэрдэр сиригэр
Тигинээн түспүтүгэр,
Тардыы көмүс халҕанын
Арыйа баттаан,
Таһырдьа тахсан,
Туох дойдуга тохтоото диэн,
Толкуйдаан көрбүтүм, —
Көмнөх сыстыбатах,
Көлбөлдьүйэн көстөр
Күөх унаар тыалардаах,
Араҥ-бодоҥ аараабатах
Аалай солко арыылардаах,
Тибии, дьыбар тиийбэтэх
Илигирэс итии салгыннаах,
Куор-дьай диэлийбэтэх
Унаар куйаас урсуннаах
Уйгулаах улуу дойдуга
Уһаарыллан кэлбит эбиппин.
Харыстаан хаамар
Хаарыс өҥнөрдөөх
Халыҥ таас муостаҕа
Хаамыталаан бардым,
Киртийэр диэни билбэтэх
Килбиэннээх кирилиэстэргэ
Кииритэлээн истим;
Суола барыта солотуулаах буолла,
Ыллыга бүтүннүү кырааскалаах буолла.
Улуу Москуба куорат
Бу эбит буоллаҕа диэммин,
Ол-бу диэки одуулаан көрбүтүм,—
Дьүһүнүн үтүөтүн
Дьүһүннүөхпүн өйүм хоппото,
Эриэккэһин, эгэлгэтин этиэхпин
Иитин-саҕатын билбэтим.
Күөх былыт
Күлүктээбит дуу диэбитим,
9