Page 11 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 11

Субуллан эрэллэрин курдук,
Күтүр элбэх көлүөһэлээх көлөнөн
Күрүлүү тардыллан,
Үлэлиир буолар эбиттэр.

Хоту-соҕуруу диэки
Курбуу-дьирбии хоннохторун
Муҥурдаталаан булаары
Бара-кэлэ сатаабыт иһин,
Баараҕай куоратым барахсан
Баһа-атаҕа бараммат эбит.
Тоҕо бэрдэй диэн бэккиһии санаан,
Уулуссаларын устун
Оргууй аҕай
Одуулуу хааман испитим, —
Улуу Пушкин
Оҥоһуллан тахсан, сото кэбиһэн,
Хоолдьуктаах баһа хоҥкуйан,
Дорооболуу туттан турарыгар,
Чуо хааман тиийэммин,
Тойон сүрэҕим долгуйан,
Тоҥхох гынан,
Тохтуу түһэн аастым.

Ульянов Ленин,
Олбуор ахсын
Дьону-норуоту кытта
Дорооболоһо турар гына,
Толбонноох тааһынан
Чочуллан оҥоһуллан,
Дойдутун толору тупсарбыт,
Сирин ситэри киэргэппит.
...
Үөрэхтээх бөҕө
Үөскээбит дойдута,
Саталлаах санаалаах
Саргылаабыт алаһата,
Улуу нуучча норуота
Уйгуланан улаатан,
Ууһаан тахсыбыт дойдута —
Москуба куораттара
Олус да буолар эбит!

                                   11
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16