Page 12 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 12
Кириэмил кириэппэс барахсан
Килбиэннээх киин буолан килэдийбит,
Айгыраабат тоҥ тулааһын буолан туоллубут,
Тохтообот модун сүрэх буолан тэппит...
Киһи аймах кэлэр кэскилин
Кэпсии турар,
Сайдар суолун
Сандаарда турар буолар эбит.
Тылбытын байытабыт
Ыркый — хойуу мастаах эдэр ойуур.
Өксөкү — саха мифологиятыгар баар тыҥырахтаах улахан көтөр.
Уорук — киэҥ, улахан дьиэ.
Тэргэн ыйым — төгүрүк ыйым.
Хампа, хаарыс таҥастаах — мааны таҥастаах (канфа, гарус диэнтэн).
Солотуулаах сотолоох — көмүс курдук килбэчийэр атах таҥастаах.
Хоролорун дойдутугар — үһүйээҥҥэ ахтыллар, көтөрдөр кыстыыр
дойдулара.
Айгыраабат — хамсаабат, алдьаммат.
Тулааһын — тирэх буолар баҕана.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Тойук диэн тугуй? (Ким толороруй? Ырыаттан уратыта...)
2. Өйдөммөт тыллар өссө бааллар дуо? Быһаарсыҥ, кэпсэтиигэ
кыттыҥ.
3. Ырыаһыт бэйэтин туһунан «Ыркый иһигэр Ымыы чыычаах
кэриэтэ Ырыалаах сурахпар... Көмүс сурук Көрдүөн тиийэн
Көтөҕүллэ түспүтүгэр» диэн этэриттэн тугу билиэххэ сөбүй?
4. Улуу куоратынан киэн туттар санаа, Ийэ дойдуга таптал,
нуучча омук култууратыгар сүгүрүйүү ханнык кэрчиктэргэ
көстөрүй?
5. Бу айымньыга норуот поэзиятын ньымалара бааллар дуо?
(Эппиэккитигэр сирдэтинэр тылларгыт: аллитерация, ассо-
нанс, тэҥнээһин, тыыннааҕымсытыы, төхтүрүйэн этии...)
6. Бэргэн ойуулааһыннар, дьүһүйэн этиилэр көмөлөрүнэн уоба-
рас айыллар. Сөбүлээбит этиилэргитин өйгүтүгэр тилиннэ-
рэн, хартыына оҥорон көрүҥ.
7. «Бүтэһик строфа сүрүн санаатын хайдах өйдүүгүтүй?» —
диэн бэйэ санаатын этэр кэпсэтиигэ кыттыҥ.
12