Page 15 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 15

Туоһум дьураатын
Тобулу анньан көрдө.
Ийэ хатыҥ
Этим тардан
Игис гынным.
Онуоха сүрүм-кутум
Уолуйан-соһуйан,
Төргүү мутукпар тахсан
Чөкчөллөн олордо.
Киһи туран эттэ:
«Кэскиллээх иһит төрдө
Тигиэххэ үчүгэй эбит», — диэн.
Онтон өрөҕөбүн тиийэн
Хайа анньан дырылатта,
Хастаан харылатта,
Туостаан дорулатта,
Хомуйа тардан ылла,
Дьиэтин диэки
Дьиэрийэ тэбиннэ.
Онуоха,
Хатыҥ куттаах-сүрэ — мин:
«Хара хааммын тохпут,
Халыҥ тириибин хайыппыт
Маннык харса суох
Хайа дойду киһитэ
Хайдах иһит төрдө
Оҥорор эбит», — диэтим да,
Ол киһини кытта
Уҥа саннын үрдүгэр
Олоро түһэн барыстым.
Киһи
Үөрэн-көтөн
Өкөйө сүүрэн киирдэ,
Үргүнньэх сыатын саҕа
Үрүҥ ордуу дьиэтигэр
Нөрүс гына түстэ.
Онуоха
Хатыҥ куттаах-сүрэ — мин,
Халбарыс гына түһэн,
Уҥа ортоку баҕанаҕа
Ойон тахсан,
Туох буоларын

                                15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20