Page 19 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 19
Туораллыбыт быһыылаах
Торбос сонноох
Тулаайах кыыһы —
«Тусаһа ортотугар
Тунаарар түптэни
Торолут», — диэтилэр.
Онуоха
Тулаайах кыыс
Тулларыйа ойон
Толугуруу сиэлэн тахсан,
Кур киини
Хомуйа харбаан ылан,
Үөр сүөһү ортотугар
Өрөһөлүү чөмөхтөөн баран,
Үтүө түптэни үөдүтээри,
Онно-манна ойуоккалаан
От-мас сыыһын көрдүөтэ да,
Уматарга оруннааҕы булбата.
Дьэ, онтон
Бөххө бөтөрөҥнөөн тиийэн
Бөх чабычаҕын, миигин, ылла.
Иэҕии талах иибин
Ибили тэпсэн,
Ойоҕос туоспун
Ойута тардан аҕалан
Түптэ уматта,
Көстөр күөх маҥан халлааҥҥа
Күөх төлөн буолан көттүм.
Көтөн иһэн
Көрүлүү бардым...
II
«Дьэ, хараһыктаах
Хаарыаннаах ийэ дойдуттан
Хара арахсыахпар диэри
Хара төлөн буоламмын
Хамсыгы халбарыттым…
Аан ийэ дойду
Арахсыар диэри,
Сибиир ийэ хотун
Уларыйыар диэри
19