Page 22 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 22
айыллыбыта, биирдиилээн киһи уонна биис ууһун дьылҕата,
кыыл-сүөл, айылҕа көстүүтэ — барыта мифтэргэ уобарас кө-
мөтүнэн кэпсэнэр. Киһи өйүн-санаатын батыһан, мифтэр үйэ-
лэр усталарыгар уларыйан-тэлэрийэн, сайдан иһиэхтэрин
эбэтэр, төттөрү, умнуллан да хаалыахтарын сөп.
Миф көрүҥнэрэ элбэх: солярнай (күн туһунан), календар-
най (күн-дьыл эргиирэ), этиологическай (туох эмэ үөскээбит
төрүөтүн быһаарыы), тотем туһунан (биис ууһа ханнык кыылтан
эбэтэр көтөртөн төрүттээҕэ), о.д.а. Былыргы грек омук миф-
тэрэ аан дойду үрдүнэн киэҥник биллэллэр. Устуоруйа уруогар
үөрэппиккитин санатыһыҥ, Зевс, Афина, Прометей, Геракл,
аргонавтар тустарынан төһө билэр эбиккитий?
Итинник мифтэр сахаларга эмиэ бэрт былыргыттан баал-
лар эбит. Холобур, олоҥхоҕо кэпсэнэр үс дойду: Үөһээ дойду
олохтоохторо — айыылар, Орто дойдуга — күн улууһа, айыы
аймаҕа уонна Аллараа дойду абааһылара — бары бэйэ-бэйэ-
лэригэр сыһыаннара, тутуһар сиэрдэрэ-майгылара арыллар
«Аан дойду айыллыбыт ырыата» диэн эбии ааҕыыга бэриллэр
ырыаҕа саха киһитин бөлүһүөктүүр өйө-санаата көстөр. Манна
түҥ былыргыттан төрүттээх сир-халлаан эттиктэрин туһунан
норуот өйдөбүлүн байытан, хотугу айылҕа бэлиэ көстүүлэринэн
ситэрэн, аан дойду хайдах айыллыбытын туһунан анааран кө-
рүү этиллэр. Ити курдук, айылҕа бары харамайа, кыыл-сүөл
миф тиһигэр үчүгэйдик көстөр. Мифкэ тирэҕирэн, болкулуор
айымньылара үөскүүллэр. Олортон биир холобур бу «Дьыл
Оҕуһа» диэн тойук буолар.
Ааҕыы кэмигэр өйгүтүгэр оҥорон көрүҥ: арҕаа диэкиттэн
күнү-ыйы бүөлээн, күтүр улахан оҕус, туман курдук үллэн, тах-
сан иһэр буолбаат!
Ааҕыы, ырытыы
Дьыл Оҕуһа
(Миф-тойук)
Аҕыс ыйдаах аба-дыбыр дьыл
Аан бастаан аттанан кэлиитигэр,
Алтынньы ый ол ахсыс эргэтигэр
Тус арҕаа диэкиттэн,
Хаардаах-муустаах
22