Page 25 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 25
Холобурдары булан, тэтэрээккитигэр суруйуҥ, паартаҕа биир-
гэ олорор табаарыскыт хаһы булбут эбитий?
2. Дьыл Оҕуһун ойуулуурга ханнык ньымалар туттуллубут-
тарый?
Анаан дьүүллэһии
1. Билиҥҥи кэмҥэ кыһын кэлэрэ урукку курдук наар кыһалҕа
эҥээрдээх буолбат, ол эрээри Дьыл Оҕуһун уобараһа умнул-
лубакка ахтыллар. Тоҕо буолуой?
2. Миф норуот өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалбыт дии саныыгыт
дуо?
Тэҥнээн көрүү
Бу айымньыны Өксөкүлээх Өлөксөй убайа И.Е. Кулаковскай—Оон-
ньуулаах Уйбаан толорор эбит. Ини-бии Уйбаан уонна Өлөксөй Ку-
лаковскайдар Дьыл Оҕуһун уобараһын айымньыларыгар киллэрбиттэ-
рин тэҥнээн ырытыҥ, бу туһунан иһитиннэриитэ бэлэмнээҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
Ый кыыһа
(Миф-кэпсээннэр)
Биир ыалга тулаайах кыыс иитиллибит үһү. Ол кыыһы дьиэ-
лээх дьахтар күһүҥҥү тымныы киэһэҕэ уу бастара ыыппыт.
Ыйдаҥа киэһэ уолдьаабыт. Кыыс тоҥон муҥатыйбыт: «Бу сор-
доно сылдьыам кэриэтин күнү кытта күн, ыйы кытта ый буо-
лан хаалларбыан», — диэн. Кыыс далаһатыгар киирэн туран
муҥатыйбытын, Күн, Ый уонна Сир истибиттэр. Онтон Күн
эппит: «Сир-сир эйигин атаҕастыыр, миэхэ тахсан хаал», —
диэн. Онно хардаран Сир этэр: «Күҥҥэ-күҥҥэ тахсыма, буһан
өлөн хаалыаҥ. Ийэ сиргэ — миэхэ хаал», — диэн. Ый этэр:
«Сиргэ-сиргэ хаалыма, син биир аас-туор олохтонуоҥ, миэхэ
олор», — диэн. Кыыс толкуйдаммыт: «Күҥҥэ таҕыстахпына,
тыыннаахтыы буһан өлүөм, оттон Сиргэ сордоно сылдьыам,
айылааҕын Ыйга тахсыыһыбын», — диэн. Ол кэнниттэн кыыс
эппит: «Ый-ый, чэ таһаар, эйиэхэ тахсарга баҕалаахпын», —
25