Page 26 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 26

диэн. Ону истэн, Ый, буурҕанан эргиттэрэн, кыыһы таһаарбы-
та үһү.

    Онтон ыла Ыйга кыыс оргуһуохтаах ыаҕаһын сүкпүтүнэн ту-
рар иччи буолта үһү.

                                                Т.Г. Николаева тылыттан суруллубута
                                                       («Саха өс номохторо» кинигэттэн)

                             Этиҥ сүгэтэ

    «Этиҥ сүгэтэ» диэн баар дииллэрэ, дьоннор мастан була-
быт дииллэрэ, онно «ыһыы» диэн сэп курдук этэллэрэ, эбэтэр
хотуур сытыылыыр «аҕаан» диэн сэп баар буолар, ол тостубу-
тун курдук кыра-хара дьүһүннээх-өҥнөөх, сүгэлии куормалаах
«хара таас» дииллэрэ. Ол сүгэни дьоллоох, үчүгэйдик сыл-
дьыахтаах киһи булара эбитэ үһү.

    Барыга бары ымыы, эмп буолар үһү.

                       П.Т. Степанов уонна М.Г. Наумовскай суруйуулара
                                                       («Саха өс номохторо» кинигэттэн)

Анаан дьүүллэһии

    1. Миф-кэпсээннэргэ халлаан эттиктэрэ үөскээһиннэрин но-
        руот хайдах быһаарар эбитий?

    2. Миф уонна итэҕэл диэн ырытыыга санааҕытын этэргэ бэлэм-
        нэниҥ. Н.А. Алексеев хомуйан оҥорбут «Саха өс номохто-
        ро» кинигэни туһаныҥ.

                                       ОЛОҤХО

    Саха сирин «Олоҥхо дойдута» диэн ааттыыллар. ЮНЕСКО
диэн аан дойду омуктарын култууратын харыстыыр тэрилтэ
2005 сыллаахха олоҥхону киһи аймах бастыҥ айымньытын
кэккэтигэр киллэрбитэ. Олоҥхо нуучча уонна аангылыйа омук
тылларыгар тылбаастанан, киэҥ эйгэҕэ таҕыста, биһирэннэ.
Биһиги, саха дьоно, олоҥхону айбыт норуот быһыытынан би-
линнибит, онон киэн туттабыт. Өбүгэлэрбит барахсаттар үс
дойду үөрэҕин иҥэриммит өркөн өйдөрө, устар ууну сомоҕо-
луур уус-уран тыллара үйэлэри уҥуордаан кэлэн олоҥхоҕо

  26
   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31