Page 29 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 29
Айыллыбыт эбит;
Үүттээх-үүчээн эттээх
Үс биис ууһа,
Үс өргөстөөҕүнэн
Өрө көрөн туран,
Өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүн да иһин,
Түөрт эркинин бүдүүлээбэтэх,
Түгэҕин-төрдүн билбэтэх,
Дьулусханнаах добун маҥан халлаана диэн,
Тоҥус киһи туут хайыһарын курдук,
Таҥнары иэҕиллэн түһэн,
Дуйданан, долгуйан үөскээбит эбит.
Бу айыллыбыт
Аралы халлаан алын өттүгэр
Куордаах эттээх,
Куодаһыннаах уҥуохтаах,
Оһол-охсуһуу доҕордоох,
Иирээн-илбис эҥээрдээх,
Иһэгэй куттаах,
Икки атахтаах үөскээн тэнийдин диэн,
Анысханнаах арҕаа халлааннаах,
Иэйэхситтээх илин халлааннаах,
Соллоҥноох соҕуруу халлааннаах,
Холоруктаах хоту халлааннаах,
Үллэр муора өрүттээх,
Түллэр муора түгэхтээх,
Аллар муора арыннаах,
Эргичийэр муора иэрчэхтээх,
Дэбилийэр муора сиксиктээх,
Ахтар айыы араҥаччылаах,
Күн айыы күрүөһүлээх,
Араҥас илгэ быйаҥнаах,
Үрүҥ илгэ үктэллээх,
Элбэх сулус эркиннээх,
Үгүс сулус үрбэлээх,
Дьэллэҥэ сулус бэлиэлээх,
Туолбут ый доҕуһуоллаах,
Аламай күн аргыстаах,
Дорҕоон этиҥ арчылаах,
Тоһуттар чаҕылҕан кымньыылаах,
Ахсым ардах ыһыахтаах,
Сугул куйаас тыыннаах,
29