Page 32 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 32
Тылбытын байытабыт
Айгыр-силик — муҥутуур кэрэ айылҕа.
Үүттээх-үүчээн эттээх — билигэс эттээх-хааннаах.
Бүдүүлээбэтэх — үчүгэйдик көрбөтөх.
Анысханнаах — сытыы тыаллаах.
Соллоҥноох — иҥсэлээх.
Араҥас илгэ — арыы.
Үрүҥ илгэ — үүт.
Дьэллэҥэ сулус — планета.
Эрэһэ кииннээх — манна суолтата: төгүрүк кииннээх.
Киэҥ киэлилээх — киэҥ истээх.
Баараҕай таһаалаах — олус киэҥ иэннээх.
Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ — былыргы саха бэргэһэтэ.
Туоһахта — бэргэһэ төгүрүк ойуута.
Уҕалдьылаах тыллаах — манна суолтата: уус тыллаах.
Лоҥкур тииттэрдээх — бөдөҥ үрдүк тииттэрдээх.
Симэхсин эмээхсин — олоҥхоҕо сүөһү көрөөччү эмээхсин.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Олоҥхоһут сири-дойдуну ойуулууругар ханнык ньымалары
туттарын бэлиэтии көрдүгүт дуо? Саамай бэргэн холобурда-
ры булан, бэйэҕит санааҕытын дакаастыырга бэлэмнэниҥ.
2. Тирэх өйдөбүллэри: эпитеттэри, тэҥнээһиннэри, төхтүрүйэн
этиилэри туһанан, олоҥхо тылын өйтөн этэргэ эрчиллиҥ.
Өйдөө, болҕой
Олоҥхо тылыгар өрүү туттуллар халыып эпическэй формула
диэн ааттанар. Холобур: Былыргы дьыл былдьаһыктаах мындааты-
гар, Урукку дьыл улаҕалаах уорҕатыгар... Маннык кэрчиктэртэн талан
ылан өйгө үөрэтиҥ.
Анаан дьүүллэһии
1. Бэриллибит кэрчиккэ география наукатыттан ханнык билии
баарын толкуйдааҥ, кэпсэтиигэ кыттыҥ:
32