Page 33 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 33

Үллэр муора өрүттээх,
                         Түллэр муора түгэхтээх...
                         Эргичийэр муора иэрчэхтээх...

    2. Орто дойду олоҕун туһунан бөлүһүөктүү анаарыы бу кэрчик-
        тэргэ баар дуо? Бөлөҕүнэн үллэстэн, манна этиллэр санааны
        ситэри быһаарарга кыһаллыҥ:

                         Аҕыс иилээх-саҕалаах,
                         Алта киспэлээх,
                         Атааннаах-мөҥүөннээх
                         Айгырастаах силиктээх,
                         Алыгыр-налыгыр
                         Аан ийэ дойду...
                         ...
                         Анысханнаах арҕаа халлааннаах,
                         Иэйэхситтээх илин халлааннаах,
                         Соллоҥноох соҕуруу халлааннаах,
                         Холоруктаах хоту халлааннаах...

Ааҕыы, сэһэргэһии

                         Шокшыл Мерген

                         (Алтай эпоһын саҕаланыыта)

    Сахалар былыргы төрүттэрэ Соҕуруу Сибииргэ, Киин Азия-
ҕа олоро сылдьыбыт буолуохтарын сөп диэн сабаҕалааһын
наукаҕа уруккуттан баар. Онно олорон хаалбыт уруулуу түүр
омуктарбыт эпостара олоҥхоҕо майгынныыр эбит диэн, саха
биллиилээх чинчийээччитэ Иннокентий Васильевич Пухов бы-
һаарбыта. Төһө да ис хоһооно атын буоллар, алтайдар эпос-
тарын тутула, тыла-өһө, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара саха
олоҥхотугар лаппа чугаһын бэлиэтээбитэ. Алтай эпоһын толо-
руллуута эмиэ олоҥхо курдук тылынан кэпсээһиннээх, оттон
уратыта диэн муусука доҕуһуоллаах буолар эбит. Эпоһы толо-
рооччулары кайчы диэн ааттыыллар. Кайчы Николай Улагашев
толорбут эпоһыттан быһа тардыыны ааҕан, нууччалыытынан
сирдэтэн, сахалыы тылбаастыырга холонуҥ.

                              Алты-jети кадытту,
                              Ак-Сабар маатырлу,
                              Ак сүмер тайгаалу,

                                                                                                                                      33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38