Page 28 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 28

Ааҕыы, ырытыы
                     НИКОЛАЙ ПЕТРОВИЧ БУРНАШ¨В
                                      (1846—1950)

                          Кыыс Дэбилийэ

                               (Олоҥхо сирэ-дойдута)
                     Былыргы дьыл
                     Былдьаһыктааҕын-быһылааннааҕын
                     Быдан анараа өттүгэр,
                     Урукку күн
                     Охсуһуулааҕын-оһоллооҕун
                     Улаҕа өттүгэр,
                     Ааспыт дьыл
                     Алдьархайдааҕын-арасхааттааҕын
                     Анараа таһаатыгар
                     Саха киһи
                     Санаата тиийэн
                     Сабаҕалаан көрбөтөх
                     Сарыал маҥан халлаана диэн,
                     Сарыы таҥалай курдук,
                     Таҥнары тардыллан,
                     Тараадыйан-тарҕанан,

  28
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33