Page 23 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 23
Хайа хаспаҕыттан
Хара күлүк оҕус
Хамнаан кэлбитэ,
Муустаах муора
Муннугуттан, улаҕатыттан
Буор хара оҕус
Туран кэлбитэ,
Урукку кырдьаҕастар —
Олуурдаах улуу Дьыл Оҕуһа, — диэн
Этэллэр эбит.
Ону мин көрдөхпүнэ —
Улахан тымныынан уһууталаабыта;
Ыыс туман тыыннаах,
Чэҥ муус саҥыйахтаах,
Болуо муус муруннаах,
Хайырбыт ойбон харахтаах,
Кыаһаан муус кыламаннаах,
Уһунтан уһун ураа лаҥкы муостаах,
Күнү бүөлүүр күтүр улахан көҕүстээх,
Күр муус өрөҕөлөөх,
Аймыр муус арҕастаах,
Көмнөх хаар көлөһүннээх,
Хоссун тымныы хоннохтоох,
Быстах тымныы быттыктаах,
Хобдох кураан кутуруктаах,
Аас-майах аргыстаах,
Иҥсэ, обот эркиннээх,
Обот-соллоҥ ойоҕостоох
Буолар эбит ол күтүр өстөөҕүм.
Аан дойдуга кэлэн
Айаҕын атан туран
Аҕылаабытыгар —
Чаан туман тахсан кэлбит,
Самаан күн чааһынан намтаабыта.
Ыарыы-сүтүү ындыылаах
Дьаҥ-дьаһыах таһаҕастаах,
Өлүү-сүтүү көтөллөөх
Буолар эбит өлүү сүөһүтэ.
Тиийиммэт ыал
Сэттэ былас оту булбуттарын
Хайыы үйэҕэ кирдиргэччи кэбийэн
Биир да суох гыммыт;
23