Page 20 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 20
Кэнэҕэски айыллыбыт
ыччаттарга
Анаан, алҕаан
Араҕас илгэни астыырга,
Үрүҥ толоҕу тупсарарга
Алҕаан араҕыстым…»
Тылбытын байытабыт
Быдараах — оҕо аһыыр иһитэ.
Тууйас — арыы, сүөгэй кутарга аналлаах дьоҕус иһит.
Ыаҕас — уу баһар, үүт кутар иһит.
Чабычах — үүтү омуһахха уган сойутарга, арыы таптайарга туттул-
лар хаптаҕай иһит.
Төргүү мутук — алларааҥҥы элбэх салаалаах улахан мутук.
Үргүнньэх — киһи-сүөһү сүрэҕин суута.
Холлоҕос — туос иһит ойоҕос өттө.
Уллуҥ — иһит түгэҕэ.
Чамчаһын (чамчааһын) — чабычах түгэҕин олордорго хос тигиллэр
чараас туос.
Холоҥсолоох — куһаҕан сыттаах.
Туймуулаата — ситии хатарга салҕанар өттө.
Оҕус ииктэтэн — эриллэҕэс ойуулаан тигэн.
Тураҕастай биэ — сиэлэ, кутуруга, уорҕата харааран, ойоҕосторо
кытарымтыйан көстөр өҥнөөх биэ.
Толунньаҥ — сүөһү такымыгар чорбойо сылдьар уҥуох.
Хамсыгы — үөнү-көйүүрү.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Саха сирин самаан сайынын кэрэ киэргэлэ — хатыҥ барах-
сан ханна үүнэн турбутуй? (Айымньы тылларын туһанан,
кэпсэтиигэ кыттыҥ).
2. Ийэ айылҕаҕа туох барыта тыынар тыыннаах диэн итэҕэл
ханнык түгэҥҥэ көстөрүй? (Хатыҥ кутун туһунан кэрчиги
болҕойон ааҕыҥ.)
3. Хатыҥ туоһун ыла кэлбит киһи сиэри-майгыны тутуста дуо,
кини туһунан ханнык кэрчиккэ ордук бэргэнник этилиннэ?
4. Туос иһити тигии төһө сиһилии ойууланна? (Ханнык түгэн-
нэр баалларын чопчулуур кэпсэтиигэ кыттыҥ).
20