Page 18 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 18
Тураҕастай биэтин
Кутуругун быһа баттаан,
Киллэрэн биэрдэ.
Маны ылан
Ситии хатан сирилэттэ,
Ураһалыы иилээн унаарытта,
«Үрүҥ илгэни астыыр
Үтүө чабычах буолла», — диэтэ.
Маны көрөн
Хатыҥ куттаах-сүрэ
«Иһит төрдө гыныам», —
диэбитэ
Кырдьык эбит диэн,
Сүрдүк сөбүлээтэ да,
Уҥа баҕанаттан ойон тахсан
Ой хара тыатыгар
Унаарыйа турда…
Араҕас илгэни астыыр
Алгыстаах чабычах буолла,
Тунах илгэни тупсарар
Дьоллоох дьоһун чабычах
буолла,
Үрүҥ илгэни үөдүтэр
Үтүө чабычах буолла.
Дьэ, онтон
Иһит эргэрэн барда,
Сиксигэ сиритиннэ,
Иитэ элэйдэ,
Тас өттө
Дьалтайа кырыйда.
Онтон
Суорат бүрүйэр
Соторунньаҥ чабычах буолла,
Тар кутар
Тастыҥ чабычах буолла,
Бөлөнөх кутар
Мөкү чабычах буолла…
Бөх кутар
Мөкү чабычах буолла.
Дьэ, онтон…
Толунньаҥ курдук сирэйдээх,
Тобук курдук сүүстээх,
18