Page 14 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 14
Ааҕыы, ырытыы
Бөх чабычаҕын ырыата
(Кылгатыллыбыта)
Саха — мындыр омук, ханна да тиийдин, хайа сатанарынан,
туох табылларынан олоҕун оҥосторго кыһаллыа, тыйыс айыл-
ҕалыын тыыннаах буолар туһугар мөккүөргэ өрүү кыайыылаах
тахсарга дьулуһуо. Бу ырыаҕа күннээҕи олох биир түгэнин кыт-
та билсиэххит.
Тоҕус салаалаах
Тойон хатыҥ буолан
Логлойон тупсан таҕыстым,
Лоһугур көмүс туорааҕым
Торолуйда,
Мутугум муҥутаата,
Силиһим ситтэ,
Сэбирдэҕим силигилээтэ,
Дьураам тубуста.
Ол курдук
Аан дойду иччитэ дьиэлэнэр,
Ийэ хатыҥ буолан
Иэнигийэн олордохпуна,
Көрдөөх күөх сайын
Көтөҕүллэн кэлиитигэр,
Чэл күөҕүм тэнийиитигэр
Дьэбин курдук хааннаах,
Экир курдук быһыылаах
Эр киһи элигэ
Эҕийэн тиийэн кэллэ,
Эргийэн-урбайан көрдө.
Ол гынан баран,
Хаҥас сототун иһиттэн
Хатыҥ уктаах,
Үс үөстээх быһаҕын
Уһулу тардан ылла.
Онтон
Одуулаан көрөн баран,
Төргүү мутугум төрдүнэн
Дьөлө анньан көрдө.
14