Page 10 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 10

Күннүгүнэн усталаах
                   Күтүр үрдүк
                   Күлүмүрдэс таас дьиэлэр
                   Күөнтээбит эбиттэр.
                   Улуу дойду
                   Очуос таас хайалара
                   Тоҕо улахаттарай диэбитим,
                   Улуу нуучча норуотун
                   Уус тарбахтаахтара
                   Уһанан-оҥорон таһаарбыт
                   Уоруктара буолар эбит.
                   Кинилэр бэйэлээхтэр
                   Чэлгиэннээх эркиннэриттэн
                   Тэргэн ыйым тэгэлийэ тыкпыт,
                   Оһуордаах ойоҕосторуттан
                   Ойор күнүм оонньуур уота умайбыт...
                   Улуу куорат дьонноро
                   Уулусса муҥунан толору долгуһан,
                   Оһуор-ойуу курдук охсуллан,
                   Дьэрэкээн симэх курдук тиһиллэн,
                   Дьарҕаалаах тыа курдук тардыллан,
                   Кэккэ бииргэ хаамсан,
                   Кэлэр-барар эбиттэр.
                   Кутан оҥорбут курдук куормалаах,
                   Тардан таһаарбыт курдук таһаалаах,
                   Кулуһун от курдук уҥуохтаах,
                   Кыһан оҥорбут курдук быһыылаах
                   Манна бараалаһар буолар эбит;
                   Туналыйар ньургун ньуурдаах,
                   Тэтэрэр ыраас иэдэстээх,
                   Сыаналаах тааһынан дьэрэлийбит
                   Суугунаабыт солколоох,
                   Хампа, хаарыс таҥастаах,
                   Лаахтаах атахтаах,
                   Солотуулаах сотолоох
                   Субу манна хаамсар эбит.
                   Дьоруой дьорҕоото манна мустубут,
                   Уордьаннаах олуһа манна хойдубут,
                   Мэтээллээх бэрдэ манна тиксибит.
                   Хоҥор көтөрдөр,
                   Хонуктаабыт сирдэриттэн
                   Хоролорун дойдутугар хоҥнон,

10
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15