Page 17 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 17
Көтөн күрдүргэттэ,
Тигэн тирдиргэттэ,
Оҕус ииктэтэн
Ойуулаан киирдэ.
Онтон,
Тэстимтиэ буолуо диэн,
Тэҥ көмүс тииһинэн
Ытыран ыллаҥнатта,
Ыстаан быһырҕатта.
Онтон туран эттэ:
«Тойон эрим,
Туһааннаахай доҕорум,
Дьогдьоот хара тыаттан
Тула көтөн,
Эҥээр хара тыаттан
Эргийэ көтөн,
Ии талаҕына
Элээрдэн киллэр эрэ!»
Онуоха эр киһи
Ойон туран
Дьуодьас гынан хаалла.
Сис хара тыаҕа
Сиэлэн тахсан,
Чараас хатырыктаах
Ньамчы талаҕы талан,
Ии талаҕын
Иҥнэри баттаан,
Экчи быһа охсон
Элээрдэн киллэрдэ.
Суоран субулдьутта,
Кыһан кылбалдьытта,
Ытыран ыллаҥнатта,
Иэҕэн имиллэҥнэттэ,
Оҥорон бүтэрээт
Ойоҕор биэрдэ.
Онуоха ойоҕо:
«Туһааннаахай доҕорум,
Тураҕастай биэм
Кутуругун харатыттан
Туура баттаан
Киллэрэн кулу», — диэбитигэр,
Эр киһи элийэн тахсан,
17