Page 30 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 30
Уолан угуттуур уулаах,
Охтон үүнэр мастаах,
Уһун уйгу кэһиилээх,
Сытар хайа сындыыстаах,
Буор хайа модьоҕолоох,
Итии сайын эркиннээх,
Эргичийэр эрэһэ кииннээх,
Төгүрүйэр түөрт толумнаах,
Үктүөлээтэр өҕүллүбэт
Үрдүк мындаалаах,
Кэбиэлээтэр кэйбэлдьийбэт
Кэтит киэлилээх,
Баттыалаатар маталдьыйбат
Баараҕай таһаалаах,
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Алта киспэлээх,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгырастаах силиктээх,
Алыгыр-налыгыр,
Аан ийэ дойду диэн,
Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ
Туоһахтатын курдук,
Туналыйан тупсан үөскээбит эбит...
Туруу дойду
Туйгутуур уорҕатыгар
Туруйа кыыл
Чонойо көтөн
Тулатын булбакка,
Чоҥкуначчы хаһыытаабыт
Туналҕаннаах толоонноох;
Кыталык кыыл кырыйа көтөн,
Кытыытын булбакка,
Кыҥкыначчы ытаабыт,
Кылбаарыйар кырдаллаах,
Улаҕата көстүбэт
Уһун уорҕалаах
Унаарытта Эбэ Хотун диэн
Ааттаах-суоллаах алаас сир
Айыллан үөскээбит эбит.
Уҕалдьылаах тыллаах,
Оһуордаах уостаах,
Олоҥхоһут киһи барахсан
30