Page 3 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 3
Күндү үөрэнээччилэр!
Саха литературатын үөрэтии саҥа түһүмэҕэр үктэммиккити-
нэн эҕэрдэлиибит! Ахсыс кылааска эһигини уос номоҕо буол-
бут айымньылардаах саха суруйааччылара истиҥ сэһэргэ-
һиигэ күүтэллэр. Быйылгы үөрэх сылыттан эһиги уус-уран тыл
алыптаах эйгэтигэр өссө чугаһыаххыт, уран тыл уустара — су-
руйааччылар этэн-суруйан хаалларбыт муударастарыгар үөрэ-
ниэххит. Ону айымньыны ис дууһаттан ымпыктаан-чымпыктаан
эрэ ааҕыы түмүгэр ситиһиэххэ сөп. Аахпыккытын сатаан ыры-
тар, ылбыт билиигитин олоххутугар көдьүүстээхтик туһанар
буоллаххытына, эһиги үтүө сүбэһиттээх эбиккит.
Кинигэни элбэхтик ааҕар киһи олох ханнык да уустук түгэн-
нэриттэн чаҕыйбат, сөптөөх суолу тутуһарыгар бигэ тирэхтээх
курдук сананар. Суруйааччы персонажтарын хас хамсаныы-
ларыгар, тылларыгар-өстөрүгэр тиийэ айымньытын эйгэтин
ааҕааччыга хайдах тиэрдэрин кэтээн көрөргө үөрэниҥ. Кэм
тыынын, быһыы-майгы укулаатын, үтүө-мөкү туруулаһыытын
таба өйдөөҥ, сыаналааҥ, ырытыҥ. «Мин кимминий, хайдах
олох миигин күүтэрий?» — диэн санаа айманар, бэйэҕит суол-
гутун көрдөнөр көдьүүстээх кэмҥитин мүччү тутумаҥ. Тыл дьа-
йар күүһүн таба туһаныҥ. Тус бэйэҕитигэр суолталаах туох эрэ
түмүккэ, «түгэх сыалга» тиийэргэ дьулуһуҥ.
Ол соруккутун ситиһэргэ бу кинигэ көмөлөһүө, айымньы ту-
тулун, этэр санаатын, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын туһу-
нан сиһилии билиһиннэриэ. Биллэн турар, бу кэпсэтии аанын
арыйан киирэргэ дириҥ ис номохтоох толкуй, киэҥ билии,
күүстээх баҕа ордук суолталаах буолар. Бу суолу таба тайам-
мыттар, тыл сүдү дьайар күүһүн сүрэхтэринэн ылыммыттар уус
тыллаахтар ураты эйгэлэригэр киирэр дьоллонуохтара.
Кинигэ түһүмэхтэрэ төрөөбүт литературабыт норуот тылы-
нан уус-уран айымньытыттан хайдах төрүттэнэн, сайдан ис-
3