Page 81 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 81
Т ы ҥ ы р а х. Э-э, ийэкээм, сөпкө эттиҥ буолан баран, би-
лигин арыы хантан кэлиэ буоллаҕай? Арыылааҕым буоллар,
иэс да көрдүөм суоҕа этэ.
М а р ы ы н а. Оттон хаһаас арыыҥ ханна баартай? Күтүр
өстөөх, сааппаккын даҕаны, биир кэм кулдьаҕалыыргын эрэ
билэҕин. Арыыбын төлүү тарт! Ол-бу диэн булкуйума!
Т ы ҥ ы р а х (туран, бэргэһэтин ылар). Ийэкээм, кыыһыры-
ма. Арыы көһүннэҕинэ, төлүөм буоллаҕа дии. (Тахсар.)
СЭТТИС КӨСТҮҮТЭ
М а р ы ы н а. Хара ыттар, бары сииллэрин эрэ билэллэр,
били сордоох ханна баар харчытын биэрээри таҕыстаҕай?
АХСЫС КӨСТҮҮТЭ
К у л у б а киирэр, ол кэнниттэн, сотору соҕус буолан баран,
С э м э н С э м э н э б и с киирэр.
К у л у б а. Оо, Сэмэн Сэмэнэбис! Дорообо, быраат!
С э м э н С э м э н э б и с. Дорообо, Иван Иванович! (До-
рооболоһоллор.)
К у л у б а. Хайа, учуутал тоҕо кэлбэтэ?
С э м э н С э м э н э б и с. Солом суох диир, пожалуйста,
извини гыннын диир.
К у л у б а. Даа, буоллаҕа... Чэ, кэлбэтин даҕаны, кинитэ да
суох олоруохпут. (Марыына кулгааҕар баран сибигинэйэр.)
М а р ы ы н а тахсар.
ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ
К у л у б а. Дьэ, Сэмэн Сэмэнэбис, миигин күн саар умнубат
киһитэ буоллум ээ?! (Күлэр.) Кырдьыга даҕаны, үтүөлээх киһи
буоламмын, наҕараада ылан эрдэҕим. Эн санааҕар, хайдаҕый,
Сэмэн Сэмэнэбис? (Бөппүрүөскэтин оҥостор.)
С э м э н С э м э н э б и с. Ээ, оннук, доҕор! Билиҥҥи би-
риэмэҕэ, бу улуус чааһыгар, эн бастаан тураҕын. Арай, былыр
мин аҕам икки мэтээли кытта биир уордьаннаах этэ.
К у л у б а (тугу эрэ саныыр). Дьэ, оннук буолан турар. Сөпкө
этэҕин. Мин билигин икки мэтээллэнним. Аны төһө да кырый-
дарбын, биир иккини-хаһы ылыам дии саныыбын. Табылын-
наҕына уордьан да кэлиэ доҕор!
С э м э н С э м э н э б и с. Кэлэрэ кэмнээх буолуо дуо!
К у л у б а (туран, табаҕын тарда-тарда, хаамыталыыр. Тох-
81