Page 103 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 103
К у л у б а. Даа, кырдьык дуо? Муода да буолар эбит. Мин
ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн эстэрэ буолуо диэн, түһээн да
көрбөтөх баҕайым. Дьэ, муода да буолар эбит. Эһиги саҥа
тойоттор буоллаххыт? Киһи, өлүмүнэ, эҥин арааһы көрөр-ис-
тэр ээ. Дьэ, муода да буолар эбит. Ыраахтааҕы...
С а х а. Ну, чэ, үксү лабаҥхалаама. Хата, маны харайа тарт!
(Сэксээлэни ыйар.)
К у л у б а. Суруксут, балары ханна гынабыт? Бу саҥа олох
тойотторо кыыһыраары гьннылар быһыылаах.
С э м э н С э м э н э б и с. Ээ, оттон анараа хоско илдьэн
ууран эр ээ. Хойут харайыллыа буоллаҕа.
К у л у б а (сэксээлэни, ыраахтааҕы мэтириэтин көтөҕөн та-
һааран иһэн). Дьэ, муода да буолар эбит! Киһи эҥин арааһы
истэр ээ.
К у л у б а л а а х тахсаллар.
ОНУС КӨСТҮҮТЭ
У т а р ы Б а һ ы л а й киирэн кэлэр.
У т а р ы. Дорооболоруҥ, саҥа олох тойотторо!
С а х а. Дорообо, тугу кэпсиигин, доҕоор?
У т а р ы. Кэпсээн диэн туох да суох. Арай, саҥа олох то-
йотторо кэлбиттэр үһү диэн истэммит, көрсөөрү кэллим. Этэр
тыллаахпын...
С а х а. Ол тугу этээри гынаҕын? Чэ, эт эрэ.
У т а р ы (көхсүн этитэр). Мин... мин ити биһиги кулубабыт
Уйбаан Уйбаанабыс диэн кырдьаҕас, ыраахтааҕыттан уордьан
наҕараада ылаары, улуус харчытын биир тыһыынчаны сиэр-
тибэлээн турар. Ол харчытын төлүү илик. Мин ити быһыы со-
лобуода сокуонугар сөп буолуо дии санаабаппын. Онон...
Н у у ч ч а. Неужели?! Разве это может быть! Вот так птица!
(Баһын быһа илгистэр.)
С а х а. Кырдьыгы этэр инигин, доҕоор? Сымыйа буоллаҕы-
на, бэйэҥ түбэһиэҥ ээ. Ону билэн этэр инигин...
У т а р ы. Таҥара баарына, кырдьык! Ол дьыала чааһын
улуус суруксута Сэмэн Сэмэнэбис бэркэ билэр. Ону, миигин
итэҕэйбэт буоллаххытына, киниттэн да ыйытан көрүҥ. Ити
кэннэ көрдөһөбүн: ити мин эппит тылбын кумааҕыга ылларгыт
үчүгэй буолуо этэ.
Н у у ч ч а. Причем тут суруксут? Странное дело.
С а х а. Сейчас мы это узнаем.
103