Page 105 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 105

гын үчүгэй буолуо этэ! Маннык үөрүүлээх көҥүл олох кэлбитин
да быһыытынан...

    Н у у ч ч а (саба саҥарар). Ишь ты, куда он теперь заво-
рачивает. Хитрый дядя!..

    М а р ы ы н а (ааҥҥа туран). Ол иһин, буолуо этэ. Сордоох,
мин эйиэхэ өйдөтөн этэр буоларым: бу курдук быһыыланыма,
диэн. Ону истибэккэ түбэстиҥ буолбат дуо, хара ыт! (Антах
барар.)

    У т а р ы (хап-сабар). Буот, ити көрүҥ, истиҥ, тойоттор. Та-
ҥара баарына, кырдьык!..

                                                 Быыс

          Тылбытын байытабыт

    Кулуба — улуус баһылыга.
    Суруксут — дьыаланы-куолуну бэрийээччи.
    Нуучча дьиэтэ — сытыары эркиннээх дьиэ.
    Күн судаартан — ыраахтааҕыттан (государь диэнтэн).
    Саанык — хас да төбөлөөх кутургуйа, баас.
    Бэдэрээппэр — подряд, кэпсэтии быһыытынан төлөбүр.
    Бастыҥ хотуур ото — күөхтүү оттоммут үчүгэй хаачыстыбалаах от.
    Сиэртибэ — пожертвование, үтүө дьыала туһугар харчынан көмө
оҥоруу.
    Дайыымпа — недоимка — хааһынаҕа ситэ төлөммөтөх иэс.
    Кыраларгын — кыра-хара дьону.
    Кыраман буолла — олус ыраатта.
    Ыспыраабынньык — исправник, ыраахтааҕы саҕана суут-сокуон
үлэһитэ.
    Сэтээтэл — заседатель.
    Дэһээтинньик — десятник.
    Сибииккэ — хаайыы.
    Муунта — фунт, ыйааһын кээмэйэ 400 гр. тахса.
    Бүрүстүөлүттэн устуу — престол, ыраахтааҕыны былааһыттан уһулуу.
    Сэксээлэ — зерцало, ыраахтааҕы былааһын сокуона суруллубут
килбэчийэр тимир оҥоһук.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бу айымньыга ааптар киһи ханнык быһыытын-майгытын
        күлбүтүй?

                                                                                                                                     105
   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110