Page 110 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 110

баттахтаах аарыма кырдьаҕастар «Улуу Кудаҥса дуо?» диэн
уос номоҕо оҥостубуттарын суруйан эрэбин.

    Былыргы дьылларга, урукку күннэргэ үөскээн ааспыт өбү-
гэлэрбит тус-туспа ийэ ууһунан оттоох үрэхтэринэн олох-су-
йаннар, үүтүнэн-кымыһынан утахтарын ханнараннар, суон саа-
лынан мохсуо кэбиһэннэр, халыҥ хаһанан харчы охсунаннар,
ийэ сирдэрин сүүмэх тураҥнаан, сүөгэй сүдүрүүннээн, иэдьэ-
гэй бадарааннаан, алааска баппат ынах сүөһүнү, сыһыыга бап-
пат сылгы сүөһүнү дэри-дэлэгэй иитэн-тэнитэн олорбуттара
эбитэ үһү.

    Оччотооҕу олох быһыытынан ийэ ууһун аайы биирдии улуу
кырдьаҕас киһи баһылык буолан, ол ийэ ууһа кини аатынан
ааттанан, бэлиэтэнэн, тоҕус толомон маҥан суол аайы тобулу
биллэрэ эбитэ үһү.

    Бу ийэ ууһун оҕолоро, биир ийэттэн-аҕаттан үөскээбит кур-
дук көрүнэннэр, биир хаан-уруу курдук ааҕынаннар, субан ту-
руйа курдук толуу бэдик уолаттара атын ийэ ууһуттан тэллэххэ
сытар тэҥнээхтэрин, хоойго сытар холоонноохторун ойох ылан
кэлэллэр эбит.

    Бу ийэ ууһун кыталык курдук кынтас маҥан кыргыттарын атын
ийэ ууһун дохсун уолаттара кэлэннэр ойох ылан бараллар эбит.

    Оччотооҕу кэнэн үйэҕэ баай баттала баар эбээт диэн, ба-
һылык аннынан сылдьар кыра-хара норуот хамначчыкка ааҕы-
нан хаана оонньообот эбит, кулукка көрүнэн куруйа санаабат
эбит. Онон тойоннорун аҕа баһылыкпыт, хотуннарын ийэ баһы-
лыкпыт диэн, бу ийэ ууһун аҕатынан-ийэтинэн көрөллөр эбит.

    Олохторо-дьаһахтара ол курдук буолан салаллан иһэллэрин
быһыытынан, эр дьон сорох өттө кыһыннары-сайыннары наар
сылгы сүөһүнү көрөр эбит, сорох өттө наар ынах сүөһүнү кө-
рөр эбит, сорох өттө бултуур эбит, сорох өттө масчыт, сорох
өттө отчут буолар эбит. Дьахтар өттө, эмиэ ити курдук, сорох
өттө дьиэни көрөр, сорох өттө ииһи иистэнэр, сорох өттө сыл-
гы аһын астыыр, сорох өттө ынах аһын астыыр эбит. Онон,
ийэттэн кыыска, аҕаттан уолга саас-үйэ тухары идэлэммит
идэлэрэ баран иһэр эбит.

    Аччыгый үлэттэн ардырҕаһан аймааһын тахсыбат эбит, бэрт
эйэлээхтик, бэрт иллээхтик үөрэ-көтө, үҥкүүлүү былаастаан
үлэлэрин үлэлээн иһэр эбиттэр.

    «Эн оннуккун, эн манныккын диэн, оччо-оччо ойохтооххун,
оччо-оччо эрдээххин, бачча-бачча көрсүүлээххин», — диэн хо-
куоска бэрсиһэн, сирэйгэ-харахха силлэһэн, охсуһан барыы
диэн оннуттан суох эбит.

 110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115