Page 115 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 115

тэ, бөрө суорҕанна илдьэ бараҥҥын суулаан аҕал», — диэн
этэн баран эҕирийиэн иннинэ, атах тыаһа табыр гынна, киһи
күлүгэ элэс гынна. Онтон: «Иһиттиэҥ?» — диэн көрөн баран
чыпчылыйыан иннинэ, уол онно кураанах. Аан тыаһа «лип» түс-
пүтүн кулгаахтара эрэ истэн хааллаҕа.

                                             ***

    Эрдэһит тыа ыала киэһээ күөстэрин өрүнэллэрин саҕана,
дьиэ таһыгар, чигди хаарыгар ала бэлиэ атах тыаһа биир-
дэ-иккитэ чыбыгыр гына түһээт, Сорук Боллур уол саҥата:
«Ааҥҥытын аһа тардыҥ! Олбоххутун ууруҥ — ойууҥҥутун
аҕаллым», — диэн өрө умайа түстэҕэ. Сорох дьон ойон туран
аан аһан биэрдилэр, сорох дьон ойон тахсан ойууну икки өт-
түттэн өйөөн киллэрдилэр, сорох дьон арҕахтаах эһэ тириитин
аҕалан олбох ууран биэрдилэр.

    Улуу ойуун дьүһүнэ-бодото төһө-хачча сүрдээх-кэптээх,
ынырыктаах эбитий диэн көрө түспүттэрэ — үөһээ дойдуга
үөгүлээбит, аллараа дойдуга аныйбыт, албан ааттаммыт, уһун су-
рахтаммыт Чачыгыр Таас ойууннара баара — баттаҕа маҥха-
йарын ааһан араҕастыйан саалыр буолбут, бэйэтэ буоллаҕына
бөкчөччү кырдьыбыт, кубарыччы хаппыт, тайахха тэптэрбит,
уоттара умуллубут, иччилэрэ сүппүт икки хараҕын собо мии-
нин курдук мэнээҕинэн туртаччы көрөн кээспит аарыма оҕон-
ньор эбит. Аҕыйах тылы кэпсэтэн айах туттаран баран, Улуу
Кудаҥса обургу хаҥырҕастаах алтан тайаҕар тайанан иҥиэттэ-
иҥиэттэ, дьэбин ойуунун тобулу көрө-көрө аргыый аҕай кэп-
сии-кэпсии, саҥа аллайа олорбут эбит:

    — Дьэ, кырдьаҕас, эйигин, эһэлээтэр эһэбэр холуйаммын,
аҕалаатар аҕабар ааҕаммын, үүннээх-тэһииннээх үтүө тылбын
иһитиннэрэн эрэбин! Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күт-
түөннээх диэн өс хоһооно, уос номоҕо баар буолар этэ. Эн
бу, Чачыгыр Таас ойуун диэн, орто туруу дойдуга үөскүү илик
улуу ойуун буоллаҕыҥ, онон икки атахтаах, иннинэн сирэй-
дээх илэ бэйэтинэн, сыгынньах илиитинэн кыайбатаҕын эн
кыайыах тустааххын. Үөһээ үрдүк мэҥэ халлаан үлүскэннээх
үтүөлэрин кытта үөлээннэһэн үөскээҥҥин ыар тыыннаммыт,
ытык бэйэлэммит, аллараа адьарай сирин түптүр үтүгэн дьир-
бин бэртэрин кытта доҕордоһон үөскээҥҥин ыарахан тыл-
ламмыт, күлүктээх дьүһүннэммит улуу ойуун диэн эн эрэ
бааргын, онон үс саханы өрүһүйдэххинэ да өрүһүйүөх, айыы
аймаҕын араҥаччылаатаххына да араҥаччылыах эн эрэ буолуо
диэммин, көрдөһөөрү, ыҥыртаран аҕаллым. Төлкө түүлэ түүл-

                                                                                                                                     115
   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120