Page 116 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 116

лээхтэр, билгэ биттээхтэр, аарыма кырдьаҕастар, улуу оҕон-
ньоттор бука барылара: «Бу чолбон ордук улааппытыттан аан
алдьархай, үгүс үлүгэр буолла», — дииллэр. Бу уоттаах улуу
тымныы түһэн, арҕаһыттан тэһииннээх айыы аймаҕа, көхсүттэн
тэһииннээх күн улууһа биир кыһыннаах дьон буолаары гынны-
быт, ону бэйэҥ даҕаны икки кулгааххынан истэҥҥин, икки ха-
раххынан көрөҥҥүн аһынаргар аҥаарыҥ буолан олороруҥ бу-
олуоҕа. Арай бу уоттаах улуу чолбону эйигинньик улуу ойуун,
үнтү сынньан, быһа кэрдэн түһэрдэр, уоттаах улуу модун тым-
ныы муоһа тостон, уоҕа хараан, устаты муруннаах урааҥхай
саха барахсан эһиилги кэлэр күөх сирэмҥэ үктэнэн киһи-сүөһү
буолан, бараммат баайданыах, уостубат уйгуланыах этэ... Ону,
улуу кырдьаҕас, эн туох дии саныыгын? — диэн чиҥ-чиҥник
эппитэ үһү.

    Ону истээт, Чачыгыр Таас ойуун, сиһин этин тартаран,
ходьох гына түһэн баран: «Киэр-киэр! Инньэ диэмэ... Икки
атахтаах, иннинэн сирэйдээх тылласпат тылын тылластыҥ, са-
ҥарбат саҥатын саҥардыҥ, бу чолбон былыр-былыргыттан,
киэҥ халлаан оҥоһуллуоҕуттан, аан дойду айыллыаҕыттан ыла
хаппахтаах сатыы маҥан халлааҥҥа туллубат тутааҕа буолан,
ананан айыллыбыт улуу сулус буолар, ону ол хас киһи үөн-
көйүүр курдук үөскээбит сылгыта-сүөһүтэ өллөҕүн аайы, аан
дойду аналлаах быһыытын алдьатара, киэҥ халлаан киэбин
уларытара, уоран, талаан улуу сулуһу кэрдэрэ сир уйбат, хал-
лаан ылбат улуу аньыыта диэн буолуохтаах... Хараҥа аньыы-
лаах, халыҥ буруйдаах тылы тыллаһыма!» — диэн саба сап-
сыйа олорбут.

    Улуу Кудаҥса обургу онтон тохтуох киһи буолуо дуу, эбии са-
ныы-саныы, саҥара олорбут эбит: «Кырдьаҕас! Киһи этэр тылын
ситэ истибэккэ эрэ сэмэлээн бардыҥ ээ, ити киҥкиниир киэҥ
халлаан килбиэннээх киэҥ өрөһөтүн урсуннаах уу дьулайыгар бу
уоттаах улуу чолбон дьөлө хатанан үөскээбэтэҕэ эбитэ буоллар,
бу орто туруу курбуу-дьаҕыл дойдуга кырыа-хаһыҥ, кырымах
хаар түспэккэ, кыһына суох самаан сайын саргыланыах этэ... Оч-
чоҕо бар дьоммут, кылгас сайыммыт куотуо диэннэр, улуу кыһын
умса бохсуо диэннэр, билиҥҥи курдук түүнүн утуйбакка, күнүһүн
олорбокко умса-төннө түһэллэрэ, ыы-дьаар сыттаналлара, ырҕа-
дьарҕа эттэнэллэрэ, токуччу тоҥоллоро, хатыччы хаталлара тох-
туох, уурайыах этэ. Уулаатар бараммат, уостан сүппэт уйгу
быйаҥ улаатыах этэ, бастар бараммат, кэстэр кэхтибэт кэтит
кэскил дэри-дэлэгэй тэлгэниэх этэ.

    Өлбөт өрөгөйдөнөн, кэхтибэт кэскиллэнэн, самныбат сар-

 116
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121