Page 111 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 111

Былыргы хотуттар, аныгы хотуттар курдук, солкоҕо суула-
нан, хампаҕа хааланан, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү куба куорсунунан
сапсынан сүүстэрин көлөһүнүн куурдуммат эбиттэр, саарбаҕа
саһаннар, киискэ кистэнэннэр, буобуралаах бууктаах сону сай-
баччы кэтэннэр, оҥооччуттан-бырдахтан кулун кутуруга дэй-
бииринэн быһыта сапсынар эбиттэр.

    Былыргы эр дьон барахсаттар, аныгы силээхтэ оҕолор кур-
дук, сатыыҥҥа саһаннар, сукунаҕа суулананнар, таһаарбыты-
нан ынах быарын курдук килбэлдьигэс хара саппыкынан дэгэл-
дьиспэт эбиттэр, бөрө тириитигэр бөрөнөн, түүнүктээх түнэни
дүгдэччи кэтэннэр, тыйыс сарыыны дыгдаччы таҥнаннар, тыс
этэрбэстэнэн, саары чаккыланан, бөҕө өттө тустан, быһый өт-
тө сырсан, хайах хостоһон, мас тардыһан оонньуур-көрүлүүр
эбиттэр.

    Оҕо-чаҕар өттө дьиэрэҥкэй тэбэн, кулун куллуруһан, харах
симсэн, анньа бөрдө буолан, атах тэпсэн, чохчоохойдуу оон-
ньуур эбиттэр.

    Кыра кыргыттар сылгы сыаҕайынан, оҕус бэрбээкэйинэн,
мас ынаҕынан оонньуур эбиттэр, кыра уолаттар, борбуйдарын
көтөҕөөт, араҕас талаҕы ат гынан аал уоттарын тула сүүрэн,
алаһа дьиэлэрин атын үлүгэрдик аймыыр эбиттэр. Кыыс оҕо
кыптыыйынан кыырар эбит, уол оҕо чаачар саанан тииһэр
эбит. Биэрэс тэбэн, халбас хара миинэн, хабылык хапсан, си
буолуохтааҕар сибиэни кэпсэтэн, тарбах булсан, таабырын
таайсан, олоҥхону батыһан, оҕо саастарын көрүлээн-нары-
лаан аһарар эбиттэр.

                                             ***

    Бу маннык күҥҥэ-дьылга сахаттан эрэ олус аатырбыт, ки-
һиттэн эрэ ордук сураҕырбыт урааҥхай улуута, саха саара,
киһи кинээһэ, балысхан баайдаах, бардам быһыылаах, модун
санаалаах, дохсун өйдөөх Улуу Кудаҥса диэн орто туруу дой-
дуга олорбута эбитэ үһү.

                                             ***

    Хайа бэйэлээх сир киинэ сиргэ, дойду долгуруута дойдуга,
хайа ааттаах алаас алтан ньээкэтигэр, сырдык ырай киини-
гэр, араҕас далбарыгар бу Улуу Кудаҥса олохсуйан олорбутай
диэн ыйытар буоллаххытына, ырыаһыт чыычаах ымыыламмыт,
күөрэгэй чыычаах көрдөммүт, тардыы көмүс курдук нарын ара-
ҕас талахтаах, таалар налыы хонуулаах, тыаллаах күҥҥэ көмүс

                                                                                                                                     111
   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116