Page 108 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 108
Алгыырыҥ абалаах буолаарай? —
Ааҥҥын алыс наһаа арыйыма.
(дэгэтэ)
Улуу үрэхтэр
Ойоҕосторугар
Оҕо дьонноруҥ
Тоҕо умса-төннө түстүлэр?
Туохтан дьонуҥ-сэргэҥ долгуйда?
Оол кэтэх тыалар
Кирбиилэригэр
Кэрэ дьонноруҥ
Ким иннигэр кэлэйдилэр?
Киһиҥ-сүөһүҥ тоҕо дьигиргээтэ?
(дэгэтэ)
Кэлэр кэмнэргэ
Киртитэн испит
Кэрэ дьонноргун
Кэрэхсиир күнүҥ кэлиэҕэ да, —
Кинилэр кэмчитийэн биэриэхтэрэ...
Атын дьылларга
Амньыалыы саныыр
Айыыҥ аймаҕыттан
Хастара хааларын ааҕан көрөөр, —
Оччоҕо, баҕар, хойут буолуоҕа?!..
Тылбытын байытабыт
Сахаада — Саха сирэ.
Дьорҕоот — хорсун.
Сэлээнниигин — найылыыгын.
Көйгө — туора көрүллэр.
Көччөх — кус оҕото.
Уҕалдьылыырыҥ — албыннаһарыҥ.
Кэмчитийэн — аҕыйаан.
Анаан дьүүллэһии
Хоһоон Н. Неустроев төрөөбүт норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн
ыалдьарын туоһулуур бэлиэ айымньыта буолар. Саҥа олохтоммут
былааска туора көрүллэн эрэр норуот бастыҥ дьонун туһунан таай-
108