Page 106 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 106
2. Айымньы дьоруойдарын үллэстэн оруолунан ааҕыыга кыт-
тыһыҥ, ааҕар киһигит ис туругун арыйарга кыһаныҥ.
3. Кукаакы Кулуба тылыттан-өһүттэн хайдах киһи буолара
көстөрүй? Уобараһы сытаатанан арыйардыы бэлэмнэниҥ
(холобур, «Миигин күн судаарым эрэ ытыктыыр буоллун
да сөп.., Дьэ, хайдах курдук киһибиний ээ мин…»)
4. Комедия дьоруойдарын ааттара туох суолталаахтарый? (Кукаа-
кы Кулуба, Сэмэн Сэмэнэбис, Тыҥырах Сэмэн, Утары…)
5. Сюжет элэмиэннэрин хатылаан баран, комедияҕа экспози-
ция (киириитэ), завязка (утарсыы төрүөтэ), кульминация
(тыҥааһыннаах чыпчаал), развязка (сөллүүтэ) диэн исхиэ-
мэтэ уруһуйдааҥ.
Өйдөө, болҕой
Комедия диэн олоххо көстөр итэҕэстэри күлүү ньыматынан ойуу-
лаан, сыанаҕа оонньоон көрдөрөргө аналлаах айымньы ааттанар.
Монолог — биир киһи саҥата, оттон диалог — икки эбэтэр хас
да киһи кэпсэтиитэ.
Анаан дьүүллэһии
1. Комедия дьоруойдара билиҥҥи олоххо бааллар дуо? (бө-
лөҕүнэн үлэҕэ биир персонаһы талан ылан, кылааска ток-
шоу ньыматынан дьүүллэһиигэ кыттыҥ).
2. Комедияттан ханнык быһа тардыылары сыанаҕа оонньоон
көрүөххэ сөбүй, тоҕо?
УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР
«Н.Д. Неустроев айбыт чаҕылхай уобарастара» диэн ырытыы
оҥорон, ааҕааччылар кэмпириэнсийэлэригэр кыттыҥ.
Тэҥнээн көрүү
Г.П. Башарин «Саха үс реалиһа-сырдатааччыта» диэн 1944 сыл-
лаахха тахсыбыт кинигэтигэр «А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Не-
устроев норуокка үөрэҕи-сырдыгы тэнитэр сыаллаах сырдатааччы
суруйааччылар буолаллар» диэн бастакы дьоһуннаах сыанабылы
106