Page 102 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 102
АХСЫС КӨСТҮҮТЭ
С а х а л а а х н у у ч ч а көтөн түһэллэр. К у л у б а тоҥхолдьуйар.
Н у у ч ч а (кулубаны көрөн баран). Да, здесь медалист сто-
ит. Видно, улусный голова. (Кулуба тоҥхолдъуйар.) Чудак же!
Чего он вечно кланяется?
С а х а. Эн улуус кулубата буолаҕын дуо?
К у л у б а. Даа, мин кулуба буолабын, Иван Иванович диэн.
С а х а. Чэ, ол биһиэхэ наадата суох. (Остуол диэки көрөн
баран.) Бу сэптэри тоҕо хамыйымына туруораҕын? (Ыраах-
тааҕы мэтириэтин сулбу тардан ылан, остуолга быраҕар.)
Маны ылан киэр гын!
К у л у б а (соһуйар). Хайдах буоллуҥ, доҕоор?! Бэйэҥ, са-
ха оҕото буолан баран, ыраахтааҕы мэтириэтин ити курдук ту-
тарыҥ сөп дуо? (Күүстээхтик, кыыһырбыт киһи быһыытынан.)
Мин эйиэхэ ити быһыыламмыккар боротокуол оҥоруом ээ!
Ону эн билэҕин дуо? Мин улуус кулубата Иван Иванович...
диэн буолабын. Бу түөспэр мэтээллээхпин, баҕардаххына, ысы-
наакпын, куортукпун да көрдөрүөм!
Н у у ч ч а (күлэр). Чудак же он!
С а х а. Кырдьаҕас, эн сыыһа саҥараҕын...
К у л у б а. Хайдах сыыһа саҥараҕын...
Н у у ч ч а. Надо протокол на него составить, а то чего он
зубы скалит...
С а х а. Постойте. (Кулубаҕа.) Бэйи, эн киһи этэрин өйдөөн
иһит эрэ! Билигин ыраахтааҕыны престолуттан эспиттэр. Онон
саҥа, көҥүл олох кэлэн турар. Ону эн утары баран мэккиһэ-
риҥ сатаммат. Хата, протокол диэбиккэ дылы, бэйэҥ быһыы-
ламмыккар протокол оҥортороойоҕун?!
Кулуба өр соҕус саҥата суох, дьон сирэйин-хараҕын одуулаһар.
ТОХСУС КӨСТҮҮТЭ
С э м э н С э м э н э б и с киирэр.
К у л у б а. Сэмэн Сэмэнэбис, бу туох урааҥхай дьонун аҕа-
лан, өлүүнү оҥортордуҥ? Көр эрэ, ити... (Илиитинэн ыйар.)
С э м э н С э м э н э б и с. Иван Иванович, солуута суох са-
ҥарба, доҕор! Ити саҥа олох тойотторо кэлэн олороллор.
Ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн эстибит. Революция буолбут Рос-
сия иһигэр!
Кулуба соһуйан, ол-бу диэки көрөр.
102