Page 109 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 109
таран этэр ис хоһоонноох. Репрессия кэмэ кэлэн иһэрин ханнык
устуруокалартан билиэххэ сөбүй? Ааптар сыһыана биллэр дуо?
«Ааҥҥын алыс наһаа арыйыма» диэн этиини билиҥҥи кэмҥэ
тас дойдулардыын сыһыан курдук өйдүөххэ сөп дуо?
ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ ОЙУУНУСКАЙ
(1893—1939)
Таатта улууһугар Үһүс Дьохсоҕон нэ-
һилиэгэр төрөөбүтэ.
Биллиилээх государственнай дея-
тель, тыл үөрэхтээҕэ учуонай, сэбиэс-
кэй литератураны төрүттээбит суру-
йааччы.
Айымньыларыгар саха норуота бат-
талтан тахсар, көҥүл, дьоллоох олоххо
дьулуһар охсуһуутун ойуулаан көрдөр-
бүтэ.
Сахалыы хоһоон саҥа кээмэйин
киллэрбитэ, литература сүрүн жанр-
дарыгар уһулуччулаах айымньылары
суруйбута.
Норуот айымньытын харыстыыр, чинчийэр үнүстүүтү тэрий-
битэ, улуу олоҥхону суруйан хаалларбыта.
Ааҕыы, ырытыы
Улуу Кудаҥса
МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
Устаты муруннаах, утары сирэйдээх, уу дугуй сүһүөхтээх
урааҥхай сахаҕа хаһааҥҥыттан ыла кыһыл субай хааныгар,
үрүҥ бөллөмөх мэйиитигэр аас-тот икки, кулут-тойот икки уот-
таах улуу мөккүөрдэрин умуллубат төлөнө илбис буолан иҥ-
митэй диэн ыйыталаһар этигиэт?!!
Билбэтэх биллин, истибэтэх иһиттин диэн, өлбүт өбүгэ-
лэрбит, ааспыт аймахтарбыт кэпсээбит кэпсээннэрин бэрт
элбэх кыһыны кырыатын уулларан кырдьыбыт, бэрт элбэх са-
йыны самыырын куурдан саастара элбээбит, араҕастыйбыт
109