Page 113 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 113

кэннэ, аҕа баһылыктара, Улуу Кудаҥса обургу, төһө хачча мо-
дун санаалаах, күүстээх өйдөөх буолуоҕай!

    «Бу араҕас далбардаах, аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-
мөҥүөннээх аан ийэ дойдуга, урааҥхай сахаҕа аҕа баһылык буо-
ларга Одун Хаантан оҥоһуллубут, Дьылҕа Тойонтон ыйыллыбыт,
Чыҥыс Хаантан анаммыт бу мин Улуу Кудаҥса эбит буоллаҕым»,
— диэн алыс санаммыт, күүстээхтик көрүммүт эбит.

    Кини бэйэкэлээх кимтэн толлон-дьулайан, кимтэн кирис
саҕа намтаан, кыбыста санаан, биитэр бу аньыы-кэйии, бу-
руй-сэмэ буолуо диэн кэннинэн кэхтиэй, кэннинэн чугуйуой?!
Эппитин толоро, санаабытын ситэ сылдьыбыт эбит.

                                             ***

    Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, бу курдук олус аатыран,
ордук сураҕыран олордоҕуна, аан алдьархай буолбут эбит.

    Итии салгыны имэҥнээх тыынынан кырыаччы тоҥорон, кы-
рымах хаарынан кыыгыначчы бөтүөхтүүр кыһын ийэ хотун кэл-
бит. Чолбон уота улааппыт, чуҥкунас тымныы буолбут, он-
тон арҕаа диэкиттэн аргыардаах аан балаһа дьыбар таҥнары
дьабыдыйан кэлбит, ол кэнниттэн хоту диэкиттэн хомуһуннаах
холорук буурҕа өрө ытыллан тахсыбыт, ити кэнниттэн илин
диэкиттэн иҥсэлээх имэҥ тымныы таҥнары часкыйан түспүт,
бу кэнниттэн соҕуруу диэкиттэн сур бөрө курдук дохсун тыал
өрө улуйан тахсыбыт.

    Чоруун мас тоһута тоҥмут, чараҥ мас хайыта тоҥмут, ньич-
чэҕэй мас дэлбэритэ тоҥмут. Харахтаах көрбөтөх, кулгаах-
таах истибэтэх улуу тымныыта буолбут. Көлүйэ күөл муустара
дэриэспэ таас курдук дэлбэритэ тоҥоннор, уулара оргуйбут
уу өрүтэ тэбэрин курдук бүллүгүрүү-бүллүгүрүү өрүтэ ыһыах-
таммыттарын иҥсэлээх имэҥ тымныы обургу сабыта үрэн кэ-
биспитэ — күөл уута бүллүгүрээбитэ бүллүгүрээбитинэн тө-
йүтэ тоҥон, чубугураччы тохтон, арҕас-арҕас курдук өргөстөөх
муус халдьаайылар өрө өрөһөлөнөн тахсыбыттар.

    Сыһыыга сылдьар сылгы сырбайбытынан тоҥмут, тэлгэһэҕэ
турар сүөһү хоройбутунан тоҥмут, кунан оҕус кутуруга тоһута
ыстаммыт, бургунас ынах муоһа булгурута барбыт.

    Иннинэн сирэйдээх, иэгэйэр икки атахтаах дьиэттэн тахсы-
бат буолбут. Аан алдьархай адаҕыйбыт, дохсун өлүү дьүһүйбүт,
урааҥхай саха биир кыһыннаах буолбут. Иэһии-туоһуу улаатан
испит, киэҥ көҕүс кыараабыт, уһун санаа татыарыйбыт. Дөрүн-
дөрүн буола-буола, ыалдьан ыксаабыт киһи ыар-ыарахан со-

                                                                                                                                     113
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118