Page 114 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 114
ҕустук ынчыктыырын курдук, ийэ буор сирдэрэ дэлбэритэ
тоҥон, үрдүк хонуулар «лүҥ» гына, намыһах алаастар «ньир»
гына хайыта бараллар эбит уонна чуор мутуктар тоһута тоҥ-
муттара кулгаах төйүөҕүнэн хабырыта ыстаналлар эбит. Онон
дьон үксэ этэ тардан, уҥуоҕа хамсаан дьигиҥнэс, ходьоҥнос
буолбут, бэрт кыра да тыастан дьиксинэ, титирии олорор, со-
һуйан өрө татакалыыр буолбут эбит.
«Һуу! Бу тугуй?! Һуо, татат! Үс саха бииһин ууһа бу биир эрэ
кыһыннаах дьон буоллубут ээ?! Аан ийэ дойдубут толомон-
ноох ньуура, үрдүк мындаата быстар кэппитин кэбилэнэн,
өлөр биппитин биттэнэн бу айылаах хайыта баран дьүһүнэ
кубулуйан эрдэҕэ дии! Дьэ, туох үтүө сүбэлээххитий? Өлөр
күн буолла — өрүһүйэ охсуҥ! Сүөһү-сылгы баранара буолла,
аныгы кэлэр сирэмҥэ чиччилээбит да иһин, үрүҥ сөгөлөҥү
көрбөккө эрэ өлөр дьон буоллубут», — диэн аймана-аймана
иэһии-туоһуу күн-түүн аайы элбээн истэ.
Ону истэ-истэ, Улуу Кудаҥса обургу түүнүн кыайан утуйбат,
күнүһүн кыайан олорбот буолла. Кини киһи төһө да күүстээх-уох-
таах буоллар, төһө да модун санаалаах, баламат өйдөөх буоллар,
бу ахса-аана биллибэт алдьархайтан, бу үксэ-дьүүлэ көстүбэт
үлүгэртэн бар дьонун, барҕам баайын хайдах өрүһүйэрин, ханан
абырыырын билбэккэ бэркэ хараастан, бэркэ тымыттан, үүт-үкчү
сүүлүн саҕанааҕы атыыр оҕуһу баҕана төрдүгэр умса баайан буу-
гунатан кээспит курдук, хааннаах өһөҕүнэн түҥнэри көрөн баран,
үллэччи кыыһыран, буугунуу олорбут эбит.
Ол олорон эрэ, иҥиэттэ-иҥиэттэ, сүр үлүгэрдик дьэбин дьиэ-
һийэ-дьиэһийэ, аарыма кырдьаҕастарыттан ыйытар эбит бу кур-
дук диэн: «Кырдьаҕастар! Оҕонньоттоор! Бу туохтан бу айы-
лаах тымныы буолла?»
Улуу Кудаҥса саҥатын истээт, кыра-хара норуот арыый да
сэргэхсийэргэ дылы буолла: «Өлбөт сүбэбитин буллаҕына,
арай кини эрэ булуоҕа», — диэн.
Аарыма кырдьаҕастара бука барылара этэллэр эбит: «Аҕа
баһылыкпыат, улуу тойоммуот! Бу чолбон олус улааппытыттан
бу айылаах тымныы буолла... Быйылгы кыһыҥҥа харах көрүү-
түгэр, кулгаах истиитигэр бүтүн көстөр аан дойду биллэр киэ-
биттэн арай бу чолбон эрэ киэбэ уларыйда», — диэн.
.............. ..........................
«Дьэ, нохоо! Дьэргэс атах, элэс сүүрүк эн буоллаҕыҥ дии,
онон бэрт түргэнник ханна да баар буоллаҕына Чачыгыр Таас
ойууну булан аҕала тарт! Тоҥорон өлөрөөйөҥүй, эһэ тэллэх-
114