Page 118 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 118

һүннэнэн, Чачыгыр Таас ойууҥҥа сулбу хааман кэллэ. Маны
көрөн баран, Чачыгыр Таас ойуун, төһө да ааттаах, төһө да
улуу ойуун буолбутун иһин, куттанан-куойан этэ саласта, ку-
йахата күүрдэ... Улуу Кудаҥса обургу соруннар эрэ кэннинэн
кэхтибэтин, иннинэн чугуйбатын урут да истэрин быһыытынан,
батан кэбистэхпинэ, ойоҕоһум быыһынан чиккэйэн турар сиһим
үөһэ көстүөр диэри, хайҕахтаах хара быарым быгыалыар диэ-
ри ибили таһыйыах буоллаҕа диэн, сүрэҕэ нүөлүйэн, эт этэ
барыта, мууһунан хаарыйбыт курдук, дьар гына түстэ.

    Чачыгыр Таас ойуун уолуйан саҥа аллайда: «Уой, тойоком!
Тохтоо-болҕой! Уорда намырый! Урукку күннэргэ уһун суолгун
оймообут аньыым суоҕа, ааспыт дьылларга кэтит суолгун
кэспит буруйум суоҕа — бырастыы гын! Кыайбатарбын да,
кыайдарбын да кыыран көрүүм... Буруйдаах-сэмэлээх буол-
лаҕына, миэхэ буолбатын, эйиэхэ буоллун», — диэн өрө уһуу-
туу олорбута эбитэ үһү.

    Онуоха Улуу Кудаҥса обургу арыый да уорда намырыйан,
оронугар тиийэн лик олоро түһэн баран: «Буоллар буоллун!
Буруйтан-сэмэттэн куттанаары эйигин ыҥыртарбатаҕым», —
диэн, дьэ, эбии дьэбин дьиэһийдэ, дьэ, эбии тыйыс дьүһүннэннэ.

                                             ***

    Дьиэ иһигэр барык-сарык буолуутугар, Чачыгыр Таас ойуун
уҥуохтара босхо барбыта уурайан, эттэрэ саласпыта тох-
тоон, өйүн-төйүн булунан: «Түннүктэргитин сабыҥ, үөлэски-
тин бүөлээҥ! Киириини-тахсыыны ууратыҥ, илин өттүбүн быһа
хаамаайаҕыт, айанныыр аартыкпын, уһун суолбун туора кэ-
һэн оймуур буолаайаҕыт!.. Аан дойду аналын, улуу халлаан
оҥоһуутун уоран, талаан уларытаары оҥостон эрэбит, онон
дьиэ таһыгар чолбону көрө тахсар буолаайаҕыт, эһиги хараххы-
тынан көрүө суохтар көрүөхтэрэ, эһиги кулгааххытынан истиэ
суохтар истиэхтэрэ... Оччоҕо уоруйахпыт тутуллан, буруйбут
көстөн, санаабыт санаабыт туолуо суоҕа, сылдьыбыт сырыы-
быт табыллыа суоҕа, сииккэ сиэлиэхпит, хаарга хаамыахпыт»,
— диэн кэриэһин этэн кэбиринэн баран, олоҕор олордоҕо.

    Аан тыаһа либиргээтэ, үөлэс бүөлэннэ, түннүк сабылын-
на, киирии-тахсыы элбээтэ, онно сибигинэс, манна сабыгы-
нас буолла, күлүк улаатта, хараҥа барыйда. Хоргус, куттаҕас
өттүлэрэ улаҕа диэки түстүлэр, хоодуот-хоһуун өттүлэрэ хо-
лумтан чугаһыгар олордулар. Умайа турар оһох уотун умуруо-
ран баран, күлүнэн көмөн, таптайан кэбистилэр, имик-симик,

 118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123