Page 122 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 122

Улуу Кудаҥса чолбону үлтү сыстарбытыттан ыла, улуу тым-
ныы муоһа тостон, уоҕа хараан, сүөһү, сылгы өлүүтэ тохтооб-
ут, ытаһыы-соҥоһуу ааһан барбыт. Үөрүү-көтүү бөҕө улаап-
пыт, уос номоҕо буолбут эбит: «Бу Улуу Кудаҥса баар эбит
дьиҥ Одун Хаантан оҥоһуллубут, Чыҥыс Хаантан ыйыллыбыт,
Дьылҕа Тойонтон анаммыт орто туруу дойдуга улуу баһылык-
пыт! Үс саха өлөр, охтор анала суох эбит. Урааҥхай саханы
өрүһүйдэҕинэ өрүһүйүөх, абыраатаҕына абырыах арай Улуу
Кудаҥса баар эбит», — диэн бар дьон бука барылара олус
таптыыр, олус ытыгылыыр буолбут эбиттэр.

                                          ИККИС ТӨГҮЛЭ

 .............. ..........................

    Улуу Кудаҥса обургу сүүһүнэн ааҕыллар сүөһүтэ, үөрүнэн
биллэр сылгыта уруккутунааҕар уон төгүл элбээбитэ, олоҥхо-
һут курдук омуннаахтык эттэххэ, хара ыарҕа дуу диэн көрбүтүм
— хара сүүрүгэ буолла, үрүҥ ыарҕа дуу диэн санаабытым —
үрүҥ сүүрүгэ буолла. Ийэтин ууһа элбэх дьоннонно, үгүс но-
руоттанна, халыҥ хамаандаланна. Быһатын эттэххэ, хараҥа эл-
бэх баайданна, халыҥ элбэх норуоттанна.

 .............. ..........................

    Улуу Кудаҥса обургу ол аайы күн-түүн модун санаата улаа-
тан истэ, олус сананна, ордук тутунна, үөһэни-аллараны үтү-
лүгүн иһигэр үмүрү тутуох буолла.

    «Иэгэйэр икки атахтаах эрэйин-муҥун аччатарга, урааҥхай
саха дьолун-соргутун элбэтэргэ, сору-муҥу суох гынарга, ын-
чыгы-кырыыһы суох гынарга, сатаныах буоллаҕына, үөһээ киҥ-
киниир киэҥ халлаан киэбин да уларытар, аллараа адьарай
сирин — үс күлэр ньүкэн үтүгэни түҥнэри да эргитэр, орто
туруу дойду да олоҕун уларытар сөптөөх буолсу. Мин ити
аан дойду айылгытын киэргэлэ буолан тырымнаабыт улуу уот
чолбону үлтү кэттэрдим да, буруйданыахтааҕар, албан аатым
улаатта, бар дьонум баайа-талата элбээтэ, үчүгэйи оҥорору,
үтүөнү тэрийэри айыы да аймахтара, абааһы да биистэрэ аты-
ҥырыы көрбөттөр эбит. Ол иһин хайдах да үтүөнү оҥорорго
сэт-сэмэ, аньыы-хара баар буолуон сатаммат этэ... Ойууттар
эрэйдээхтэр, кылгас өйдөөх, куттаҕас сүрэхтээх буоланнар, ди-
риҥник көрбөккө, сыыһа-халты сыаналыыр эбиттэр», — диэн
саныыр буолла.

    Дьэ бу курдук Улуу Кудаҥса обургу аҥаардастыы аатыран,

 122
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127