Page 127 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 127
тылы утары этитиэм суоҕа, мас курдук булгуччу кыыраргын-
кыырбаккын биллэр!!! Бу аан алдьархайга үтүөнэн кыырба-
таххына, мөкүбүнэн кыырдарыам, — диэн баран, Улуу Кудаҥса
обургу хаҥас илиитигэр алтан тайаҕын туппутунан, уҥа илии-
тигэр үс салаалаах айыы далбар-куо кымньыытын көхөттөн
төлө охсон ылан, уоттааҕынан умса көрөн, ыадас гына ойон
турдаҕа.
— Оо, тохтоо-болҕой! Уорда намырый! Улуу тойонум, аҕа
баһылыгым, кыыһырыма, абарыма... Дьэ, кэбис, буоллар да
буоллун, кыыран да көрүүм, сэтэ-сэмэтэ бэйэҕэр буолуоҕа...
Ол дойду ыраах аххан дойду буолуоҕа, кирис эттээх, табытал
силиилээх киһи эрэ тиийэр сирэ буолуоҕа... Онон сэтинньи
ый сэттис киэһэтигэр диэри аҥаардас көтөр-сүүрэр сүмэтин
силиитинэн аһатаҥҥын, кытарах биэ кымыһынан утахтааҥҥын
силиибин хойуннарыҥ, эппин куурдан-хатаран, симэһинин иҥэ-
рэн, дьиппинитэн кулуҥ, — диэн ойууннара уҥуохтара хамсаан
бабыгырыы олордоҕо. Улуу Кудаҥса обургу, уорда намырыйан,
буугунаабытынан оронугар баран «лис» гына олоро түстэ.
***
Сэтинньи ый сэттис киэһэтигэр диэри Чачыгыр Таас ойуу-
ну аҥаардас көтөр-сүүрэр силиитин охсоннор аһаттылар, кы-
тарах биэ кымыһынан утахтаатылар, ойууннара килэччи уой-
да. Кэтэспит санааларыгар күн-дьыл олус уһаата, элбэх киһи
эһиннэ, үгүс киһи өллө.
Сэтинньи ый сэттис киэһэтигэр, болдьохтоох кэмнэригэр,
ойуун ыйыытынан-кэрдиитинэн дьон тобоҕо тахсаннар бастыҥ
түннүк туһунан аар баҕаҕы астылар, унаар саламаны тартылар.
Ол кэнниттэн чоккуруос харахтаах, сиикэй тыҥаны туора уоп-
пут курдук кыһыл мэлдьэҥ тумустаах, хоҥкулдьуйар хоолдьугар
дылы хаччаҕай маҥаас, түөрт атаҕа хатыҥ төҥүргэһин курдук
кылбараҥ маҥан тыстаах, үс сиринэн быанан быһа баайбыт
курдук туос элэмэс дьүһүннээх тоҕус хаардаах атыыр сылгыны
аҕалан аар баҕахха умса баайан кэбистилэр. Ол кэнниттэн
ойуун кыылларын, көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин, мас эмэгэттэрин
аҕалан астылар. Дьиэ иһигэр киирэннэр, аал уоттарын кы-
ламныы эрэ сытар гына күлүнэн көмөн кэáèñòèëýð. Òыстаах,
баттахтаах уот кугас сырҕан эһэ тириитин аҕалан, уот иннигэр
олбох уурдулар. Ойууннарын икки өттүттэн өйөөн-убаан аҕа-
лан, олбоҕор олордон биэрдилэр, таҥаһын кэтэттилэр, түөлбэ
күөл саҕа дүҥүрүн биэрдилэр, былаайаҕын туттардылар.
127