Page 129 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 129

үөгүлээн, соҕуруу соххор-холорук халлаан сордоох дьураа-ты-
гар, суккуллар бэлэһигэр, суураллар айаҕар, дьулуһуйар кур-
таҕар дьиэрэтэ дьиэһийэн, дуората туойан, эккирээн-битийэн,
хоккуллан-ытыллан, ыамах-чыамах ойон истэҕэ.

    Үһүс олоххо тиийэн баран, илдьэ тахсыбыт үөрдэрин-абаа-
һыларын, көтөрдөрүн-сүүрэрдэрин, бука бары уолах тиит бы-
һаҕаһын саҕа уот моҕой тыыннаахтарын, хаардаах харыйа саҕа
сатара моҕой санаалаахтарын, былас ордуга түөс аҥаара куо-
ҕал-дьиэгэл моонньулаахтарын, сэттэ былас сиикэй тыймыыт
тыллаахтарын, хааннаах айахтаахтарын, эт бэргэ харахтаах-
тарын, илбистээх эмэгэттэрин — бука барыларын үүртэлээн
дьүһүйдэ, ыыталаан кэбистэ.

    Көҕөн эттээхтэрин, күүс быччыҥнаахтарын, лыҥкыныыр
иҥиирдээхтэрин, хачыгырыыр уҥуохтаахтарын, уоттаах харах-
таахтарын, ураанньыктаах сирэйдээхтэрин, уһуктаах тумус-
таахтарын, даарда буурайдарын кэннигэр кэбиһэн, дьэ соҕо-
тох бэйэтэ үс түүннээх күнү мэлдьи уйаара-кэйээрэ биллибэт
уһун синньигэс сир устун айаннаан улуйа туойда, ыамах-чыа-
мах ойдо.

    Айантан алларыйан, сырыыттан сылайан, куодаһыннаах эт-
тэнэн, кураанах уҥуохтанан, силиитэ ууллан, симэһинэ ба-
ранан, сордонон-сордонон, сыккырыыр эрэ тыына хаалан,
Улуутуйар Улуу Суорун тойон муус кулады тэлгэһэтигэр,
тимир-наҥнал уорааннаах уораҕайыгар нэһиилэ кэлэн быа-
рынан сыыллаҕа. «Барҕа манньалаах, ыар ындыылаах, төп
төргүүлээх, лөкө бэриктэх, тоҕус сүргүөхтээх луо балык үк-
тэллээх, өлүү бил-балыга тирэхтээх, үөһээ дойду суккуллар
бэлэһинэн өрө кэнийэ оонньообут, аллараа дойду дьөлөрү үтү-
гэн дьүккүлдьүйэр куолаҕынан таҥнары ньахсааттыы оон-
ньообут илбис дьигистэй, уот курбастай Чачыгыр Таас ойуун
диэн уолгут эрэйдээх кэлэммин чэлгиэннээх тусаһаҕытыгар
ситии саламаны сириэдиттим, суордаах судьу баҕахха сол-
буйдум, аар баҕахха баайдым. Бэттэх-бэттэх буолан, мичис
гыныҥ! Ыстыыргытыгар ыылаах, сииргитигэр симэһиннээх, ха-
баргытыгар хаһалаах, көрдөххүтүнэ үөрэр тоҕус сиринэн туос
элэмэс, баһырҕастаах атахтаах, хаччаҕай маҥаас сирэйдээх,
өлүү чоккуруос харахтаах, сиикэй тыҥа курдук кыһыл мэлдьэҥ
тумустаах, тоҕус хаардаах атыыр сылгыны аҕалан тоҕус мо-
онньохтоох куоҕай баҕахха тумул саҕа туора баайдым... Аар
баҕахха арбаатым, улуу баҕахха уһуйдум, ытык кэрэххэ ытыар-
дым, түлэһи кэрэххэ дьүһүйдүм... Бэттэх-бэттэх буолан, тор-
дохтоох ньуургут уоттаах толонун көрдөрүөххүтүн төһө-хачча

                                                                                                                                     129
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134